Уус Маайа оройуонугар таһаҕастыыр уонна легковой массыына кыттыылаах суол быһылаана таҕыста. Саахалга биэс киһи эмсэҕэлээтэ. Ол туһунан алтынньы 25 күнүгэр Саха сирин прокуратурата иһитиннэрдэ.
Анал тиэхиньикэ суоппара массыынатын кыайан салайбакка суол утары балаһатыгар тахсыбыт диэн, прокуратураҕа чуолкайдаатылар.
Таһаҕастыыр массыына (погрузчик) таһаҕаһы тиэйэн биэрэр, сүөкүүр, сыҕарытар анал тиэхиньикэ.