Уус Алдан улууһугар «улахан уу» кэлэр түгэнигэр алта нэһилиэнньэлээх пууҥҥа куттал суоһуур: Өлүөнэ өрүскэ – Оҕуруоттаах (Суотту), Хоноҕор, Арыы Тиит, Алдан өрүскэ – Дыгдаал, Чэриктэй, Кылаайы.
Бу нэһилиэнньэлээх пууннарга 13 социальнай суолталаах эбийиэк, 4 хочуолунай, 10 трансформаторнай подстанция, 516 олорор дьиэ уу ылыан сөптөөх сиргэ тураллар, онуоха бу дьиэлэргэ олорооччу ахсаана – 2690 киһи (о.и. 260 оҕо).
Улахан халаан түгэнигэр барыта 360 киһини хабар быстах кэмҥэ олордор 11 пуун тэриллэр: Оҕуруоттаахха 50 киһиэхэ “Эрэл” спортсаала, Хоноҕорго 30 киһиэхэ Уус Алданнааҕы техникум, Арыы Тиит олохтоохторуттан 30 киһиэхэ Тумул орто оскуолата уонна 15 киһиэхэ Арыы Тииттээҕи оскуола-саад, Дыгдаал олохтоохторуттан 35 киһиэхэ “Өспөхтөөҕү “Сайдам” КСК уонна 60 киһиэхэ Лөгөйдөөҕү лицей-интернакка, Чэриктэйтэн 50 киһиэхэ Чэриктэй орто оскуолатыгар уонна 40 киһиэхэ Дүпсүн орто оскуолатын интернатыгар, Кылаайыга 20-лии киһиэхэ Түүлээх орто оскуолатыгар, оҕо саадыгар уонна 10 киһиэхэ Түүлээх балыыһатыгар куойка-миэстэлэри бэлэмниэхтэрэ. Ону таһынан 1379 ынах сүөһүнү уонна 1539 сылгыны быстах туруорарга анаан эмиэ 11 пуун бэлэм.
Ити курдук СӨ бырабыыталыстыбатын 2026 с. тохсунньу 13 күнүнээҕи 5-р №-дээх дьаһалынан бары ирдэбил толоруллар, үлэ барар. Бу үлэлэргэ улуус дьаһалтата бюджеттан 1 мөл. солкуобайы көрбүт, диэн суруйда «Мүрү саһарҕата» хаһыат.



