30 Алтынньы 30.10
  • -17°
  • $ 97,33
  • 105,44

Уус алданнар үс бырайыактара граҥҥа кыайда

Хаартыска: Саха сирэ саайт
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Дьокуускайга Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Николаев эрэгийиэннээҕи уонна федеральнай граннар кыайыылаахтарын кытары көрсөн,  гражданскай уопсастыбаны сайыннарыы бырайыактарын өйүүр граннар кыайыылаахтарыгар туоһу суруктарын үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттарбыта.

Уус Алдан улууһуттан  үс бырайыак кыайыылааҕынан ааттаммыта.  Ол да иһин, тэрээһиҥҥэ улуус баһылыга Василий Аммосов, баһылыгы солбуйааччы Анатолий Сторожев салайааччылаах  15 дэлэгээт кытынна.

“Мүрү саһарҕата” хаһыаттан Мария Аргунова:

“Быйыл сыл саҥатыгар баһылык Василий Аммосов улуустааҕы кииннэммит бибилэтиэкэ тиһигин иһинэн Ресурснай киини үлэлэтэр туһунан дьаһалы таһаарбыта. Ресурснай киин нэһилиэктэр дьаһалталарын, түмсүүлэрин түмэн, анал исписэлиистэри ыҥыран бырайыагы хайдах суруйарга, Граҥҥа хайдах киирсэргэ туһуламмыт үөрэхтэри ыыппыта. Онон бу киин көдьүүһүн туоһутунан уус алданнар барыта 15 бырайыагы оҥорон сайаапкалаабыттарыттан үс бырайыак кыайыылааҕынан ааттаммыта буолар.

Ити курдук Мүрү нэһилиэгин ыччатын «Сайдыы» уопсастыбаннай түмсүүтэ оҥорбут «Швейный патриот» бырайыага 1 691 000 солкуобай суумалаах Граны ылла. Бу бырайыак дронтан хаххаланар сабыылары тигиигэ туһуланар. Грант ааптардара – улуустааҕы киин бибилэтиэкэ кылаабынай бибилэтиэкэрэ Тамара Орлова, улуус дьаһалтатын ыччаты кытта үлэҕэ исписэлииһэ Айаал Степанов уонна салайааччылара Валентина Шадрина. Оттон 178 541 солкуобайдаах Граҥҥа Мүрү нэһилиэгин “Мүрү тирэҕэ” бырайыага тиксибитэ, ааптар – Мүрү нэһилиэгин дьаһалтатын баһылыга Прокопий Румянцев. Бу бырайыак чэрчитинэн  Мүрү нэһилиэгин дьаһалтатын иһинэн Ресурснай киин арыллан үлэлиэҕэ. Манна биир киһи үөрэнэн исписэлииһинэн үлэлээн нэһилиэги сайыннарыы бырайыактарын оҥоруоҕа. Ону сэргэ 183 767 солкуобай суумалаах Граны Курбуһах нэһилиэгэр социальнай эйгэни тэрийиигэ уонна сайыннарыыга туһуланар “Ийэ тыл эйгэтэ” бырайыак ылла. Ааптардарынан Курбуһах нэһилиэгин баһылыгын солбуйааччы Анастасия Аммосова уонна «Кэскил түһэ» түмсүү салайааччыта Светлана Бурцева буолаллар.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын Гранын ылбыт бырайыактар олоххо киирэннэр, улууспут олоҕун-дьаһаҕын сайыннарыыга, тупсарыыга күүс-көмө буолалларыгар эрэнэбит”, — диэн иһитиннэрдэ, суруйда Саха сирэ саайт.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА