22 Сэтинньи 22.11
  • -32°
  • $ 100,68
  • 106,08

«Уус Алдан улууhун уран уустарын түhүлгэтэ» быыстапка Дьокуускайга туруорулунна

17:01, 09 февраля
Текст:
Хаартыска: Ааптар тиксэриитэ
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Дьокуускай куорат А.Е. Кулаковскай — Өксөкүлээх аатынан норуоттар доҕордоhууларын дьиэтигэр, «Симэх» Национальнай киин галерятыгар «Уус Алдан улууhун уран уустарын түhүлгэтэ» быыстапка аhылынна. Быыстапка Уус Алдан улууhун норуот маастардарын түмэр «Мындыр» уопсастыбаннай холбоhук тэриллибитэ 10 сылыгар ананар, уустар тѳрүт сахалыы тыыннаах, истиҥ иэйиилээх ураты кэрэ оҥоhуктарын киэҥ кѳрүүгэ таhаарар.

Быыстапка бастакы күнэ Уус Алдантан тѳрүттээх элбэх киhи, ыҥырыылаах ыалдьыт кыттыылаах бэрт сэргэхтик ааста. Мустубут дьону Ил Түмэн Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Александр Жирков, өрөспүүбүлүкэтээҕи «Симэх» Национальнай киин дириэктэрэ Яна Игнатьева, Уус Алдан улууhун депутаттарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ, «Мындыр» уопсастыбаннай холбоhук салайааччыта Иннокентий Аммосов уонна да атыттар эҕэрдэлээтилэр. Уус Алдан култууратын үлэhиттэригэр, маастардарга наҕараадалар туттарылыннылар.

Александр Жирков уран уустарга туһаайан саха төрүт искусствотын салгыы харыстаһарга, сайыннарарга ыҥырда, таһыттан өтөн киирииттэн сэрэттэ. Кини: «70 сыл анараа өттүгэр, 1954 сыллаахха Гамбург куоракка тахсыбыт «Орнаментальное искусство якутов» диэн кинигэтигэр биллиилээх этнолог-учуонай Улла Йохансен Европа музейдарыгар баар 19 үйэтээҕи саха орнаментальнай искусствотын пааматынньыктарын үѳрэтэн баран, «Саха уратылаах орнаментальнай  (ойуулуур) искусстволаах, ол гынан баран онно таhыттан атын култууралар ѳтѳн киириилэрэ биллэр буолан эрэр» диэн суруйбута. Онон эhиги иннигитигэр саха ойуулуур, иистэнэр, уһанар төрүт дьарыгын атын омук киэнин кытта булкуйбакка, харыстаан илдьэ сылдьар сорук турар. Тѳhѳ кыалларынан бу дьарыккытын сайыннарыҥ, тѳрүттэрбит оhуор-мандар ойууларын-бичиктэрин үѳрэтиҥ, харыстааҥ», — диэн уустары ыҥырда, айар үлэлэригэр ситиhиилэри баҕарда.

Уус Алдан айар талааннаахтарын оҥоhуктарын быыстапката олунньу 15 күнүгэр диэри ыытыллыаҕа. Манна туостан, кылтан, кыhыл, үрүҥ кѳмүстэн, тимиртэн, мастан, түүлээхтэн уонна тирииттэн дьикти оҥоhуктарын кѳрүѳххэ сѳп. Ону таhынан, уустар кылтан ѳрүүгэ, туостан дьиэ иhитин-хомуоhун оҥорууга, итиэннэ бууктаах сону, дьабака бэргэhэни уо.д.а. национальнай таҥаhы тигиигэ маастар-кылаастары биэриэхтэрэ, сорох оҥоhуктарын атыыга таhаарыахтара.

Ааптар: Раиса Никифорова, «Симэх» галерея хаартыскалара

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА