Лөгөйдөр норуот күүһэ көмүөл күүһэ буоларын тылынан буолбакка, дьыаланан көрдөрөллөр. Бүгүн нэһилиэк эр дьоно Кэптэни – Хомустаах хайысхаҕа суол өрөмүөнүгэр күргүөмүнэн таҕыстылар, диэн Мүрү Саһарҕата ТГ-ханаал суруйар.
Оттон бу субуотунньугу тэрийэргэ олохтоохтор, Лөгөйтөн төрүттээх атын сиргэ олорор биир дойдулаахтара үс күн иһигэр 200-тэн тахса тыһыынча солкуобайы хомуйан суол өрөмүөнүгэр тахсыбыт араас техника уматыгын хааччыйдылар. Ону таһынан Кэптэни бөһүөлэгин далбар хотуттара, “Өбүгэ аһа” түмсүү, бэл Лөгөйдөөҕү лицей-интернат оҕолоро субуотунньук кыттыылаахтарыгар итии аһылыгы тэрийэргэ ылсан чахчы даҕаны түмсүүлээхтэрин көрдөрдүлэр.
Баһылык Николай Попов субуотунньук туһунан:
– Бүгүн олохтоох эр дьон ким тиэхиньикэлээх, ким күрдьэхтээх Хомустаахтан кэлии суолбутугар дьаамаларын бүөлүүр улахан субуотунньукка таҕыстылар. КамАЗ-тар, хомуостаах, прицептаах трактордар, самосвал массыыналар бааллар. Суолбутугар саас-күһүн уу киирэн айан дьонун эрэйдиирин, хаайтарыы буоларын бары билэбит, онон быйыл улуус депутата, олохтоох фермер Анатолий Бурнашев этии киллэрбитин өйөөтүбүт. Субуотунньукка улахан дьаамаларга кумах кутуллуоҕа уонна суол кытыытынан уу сүүрэр ханаабалара хаһыллыахтара, онтон киэһэ Анатолий Бурнашев грейдерэ кутуллубут кумаҕы тэҥниэҕэ.
Дьону түмэн, көмө үбү, аһы-үөлү, туттар тэрили хомуйууга нэһилиэккэ көҕүлээччи, тэрийээччи быһыытынан биллэр Петр Перевалов ылсан чахчы тэрээһиннээҕин, дьону сатаан көҕүлүүрүн өссө төгүл көрдөрдө.