От ыйын 4 — 9 күннэригэр Уус Алдан улууһугар уочараттаах Саха сирин норуоттарын спортивнай Оонньуулара ыытыллыаҕа. Паромнар тохтоло суох, түүннэри-күнүстэри сүүрүөхтэрэ, тырааныспар министиэристибэтин пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Кангаласс – Суотту хайысхатынан сылдьар паромнар 13 — 31 кыра массыынаны биирдэ илдьэр кыамталаахтар. Манна эбии биэс катер төттөрү-таары субуллуоҕа, биир техникаҕа 70 киһи батар. Үс катер 10-нуу, икки катер 20 киһи киирэр миэстэлээхтэр. Наада буоллаҕына эбии «Ленаводсервис» уонна «Ленатурфлот» суудуналара ууга тахсыахтара.
Бу туһунан миниистир солбуйааччыта Анатолий Потапов эттэ.
Кангаласс — Суотту хайысханан биэс паром, катердар туруналлар, оттон Дьокуускай — Аллара Бэстээх маршрутунан — 15. Паромнар расписание быһыытынан сылдьыахтара, туоларын кэтэһэн туруохтара суоҕа.