Utair авиахампаанньа Москва-Дьокуускай хайысханан маҥнайгы сырыытын оҥордо

Бүгүн Utair авиакомпания Boeing 767-200 сөмөлүөтүнэн, Москва-Дьокуускай-Москва хайысханан маҥнайгы сырыытын оҥордо диэн «Дьокуускай» аэропорт дириэктэрэ Сергей Игнатенко Инстаграм аккаунугар биллэрэр.

Маҥныйгы сырыыга Внуково аэропортан 184 пассажир көтөн кэллэ, төннөрүгэр 227 киһи барсыаҕа”.

Boeing 767-200 сөмүлүөтүнэн, Utair авиокомпания, Дьокуускай-Москва-Дьокуускай хайысханан, тиһигэ быстыбат сырыылары нэдиэлэҕэ 3 оҥоруо, бэнидиэнньик, чэппиэр, баскыһыанньа.

“Сэтинньи 1 күнүттэн «Дьокуускай» аэропорт кыһыҥҥы араспысаанньанан үлэлиэҕэ. Билигин Москваҕа диэри быһа сырыылары 5 авиакомпания оҥорор: «Аэрофлот», «S7 Airlines»,«Алроса», «Якутия» уонна «Utair”, — диэн Сергей Игнатенко суруйда.

This post was published on 01.11.2021 13:01 13:01