Ураһалаахха хаамарга, хайыһардыырга анаан суол оҥоһулунна

Майа сэлиэнньэтин дьоно-сэргэтэ сибиэһэй салгыҥҥа эти-сиини чэбдигирдэллэригэр усулуобуйа оҥоһулунна. Бу туһунан социальнай ситимнэргэ суруйдулар.


Майалар ким хаалыктаах хааман, ким сүүрэн, ким хайыһардаан доруобуйаларын бөҕөргөтүнэллэригэр усулуобуйа оҥоһулунна.

Соторутааҕыта Ураһалаах алааска түөрт биэрэстэлээх хаамар суол тыраахтарынан астарылынна. Дьон сибиэһэй салгыҥҥа хамсанан-имсэнэн, хааман, доруобуйаларыгар кыһаллар, сэргэхсийэр буоллулар.

«Хайыһардьыттарга, чэбдигирдэр хаамыыны таптааччыларга анаан олунньу 25 күнүгэр Ураһалаах алааска анал миэстэ оҥоһулунна«, — диэн суруйдулар социальнай ситимнэргэ.

This post was published on 26.02.2021 14:01 14:01