Филология билимин дуоктара, профессор Зоя Константиновна Башарина патриоттуу тыыннаах, духуобунаһы сөргүтэр лекцията Улуу Кыайыыны уһансыбыт буойун-бэйиэттэргэ ананар.
Сергей Васильев-Борогонскай, Виктор Башарин норуоттарын кыайыыга сирдиир айымньыларын туһунан эдэр кэрэспэдьиэннэргэ ирэ-хоро сэһэргиир.
Дьокуускай куорат 38 нүөмэрдээх оскуолатын үөрэнээччилэрэ С.Васильев “Улуу Ильмень” айымньытын саха, нуучча, аангылыйа уонна француз тылынан ааҕыылара кэрэхсэтэр. Ону сэргэ оҕолор учууталларын, төрөппүттэрин кытта көмөлөөн чугас дьонноро сэрии толоонугар кыттан Кыайыыны аҕалсыбыттарын чинчийэн кэпсииллэр.