«Умнас» кыһыҥҥы суол Өлүөхүмэттэн Улахан Ааҥҥа диэри учаастагар, эппиэтинэстээх тэрилтэлэр иһитиннэрбиттэринэн, үлэ түмүктэннэ. Трасса сарсын, тохсунньу 15 күнүгэр, арыллара былааннанар, СИА-ҕа суол министиэристибэтин пресс-сулуууспата иһитиннэрдэ.
«Меркурий» бэдэрээттиир тэрилтэ Өлүөхүмэ куоратыттан Урицкое сэлиэнньэҕэ диэри суол бэлиэлэрин туруорда. К-701 икки тыраахтыр суолу хаартан ыраастыыр. Ордук тибэр сиригэр 10-12 м диэри кэҥэтэр.
Улахан-Аан сэлиэнньэтиттэн Өлүөхүмэ оройуонун кыраныыссатыгар диэри «Строй-В» бэдэрээттиир тэрилтэ үлэлиир. К-702 техника, фронтальнай погрузчик суолу дьаарыстыыллар.
Суол миниистирэ Владимир Сивцев бэлиэтээбитинэн, халлаан туруга төһө да мэһэйдээтэр, «Умнас» суолга Өлүөхүмэ — Улахан Аан учаастакка ааспыт сыллааҕыны кытта тэҥнээтэххэ, икки нэдиэлэ эрдэлээн трасса арылынна.