Нерюнгри Хаатыма сиригэр уон тыһыынча сибирскэй кедры олортулар. Бу сир 2008-2009 сыллардаахха ойуур уотуттан улаханнык эмсэҕэлээбит. Ойууру чөлүгэр түһэрэр үлэ «Экология» национальнай бырайыак чэрчитинэн ыытыллар.
Тэрээһиҥҥэ бастакы вице-премьер Дмитрий Бердников, айылҕа харыстабылын миниистирэ Сахамин Афанасьев ону таһынан 100-тэн тахса киһи, олор истэригэр үлэ кэлэктииптэрэ, волонтердар, олохтоохтор кыттыыны ыллылар.
Үтүө хамсааһын бүтүн Арассыыйатааҕы «Ойууру харыстыах» аахсыйа чэрчитинэн ыытыллар.
«Быйыл барыта 620 квадратнай килэмиэтир иэннээх сиргэ мас олордор сорук турар», — диэтэ бастакы вице-премьер.