171 мөл солк Саха сирин улуустарыгар «Уһук Илиҥҥи гектар» учаастактарыгар инфраструктураны киллэриигэ көрүөхтэрэ. Бу туһунан ТАСС-ка бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччытын э.т. Кирилл Бычков эттэ.
«Уһук Илин регионнарыгар гектардаах дьон кыһалҕаларынан — уоту таттарыы уонна суол оҥоруута. Билигин түөрт оройуоҥҥа бырайыактыыр-сметалыыр үлэ бүттэ: Амма, Ньурба, Нам уонна Мэҥэ Хаҥалас. Учаастактар бэйэ-бэйэлэриттэн чугастар, онон суолу оҥорууга уонна уоту тардыыга табыгастаах«, — диэтэ Кирилл Бычков.
Бу сыалга федеральнайдааҕы уонна регионнааҕы бюджеттартан 171 мөл солк тыырылынна. Быйыл 110 мөл солк тутуллара былааннанар.
Салгыы Уус Алдан уонна Хаҥалас улуустарыгарбаар «Гектар» инстраструктураларын быһаарыахтара, Мэҥэ Хаҥаласка үлэни салгыахтара.