#МЫВМЕСТЕ аахсыйа регионнааҕы штабын салайааччыта Айыллаан Винокуров баҕа өттүнэн көмөлөһөөччүлэр үлэлэрин, быстах байыаннай хомуурга ыҥырыллыбыттар дьиэ кэргэттэригэр көмөнү хайдах ылыахха сөбүн кэпсээтэ.
Хамсааһын туһунан СИА-ҕа регион сүрүн пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
«#МЫВМЕСТЕ волонтердара быстах байыаннай хомуурга ыҥырыллыбыттар дьиэ кэргэттэригэр көмөҕө сайаапкалары ылыыны уонна толорууну салгыы ыыталлар. «Горячай линия » 122 төлөпүөнүнэн бары улуустан эрийэ сырыттылар. Көмө көрдөөһүнэ араас таһымнаах. Холобур, бүгүн Мэҥэ Хаҥаластан сайаапка киирдэ, сүөһүлэрин аҕалтарыыга этиилээхтэр. Сүрүннээн бородуукта, эмп, ылыытыгар, оҕолору тиэйиигэ-таһыыга тырааныспарга сайаапкалар киирэллэр», — диэтэ Айыллаан Винокуров.
Кини хас улуус аайы көмөҕө волонтердар бөлөхтөрө тэриллибитин эттэ. 200 доброволец бэлэмин биллэрбит.