Олунньу бүтүүтэ Бүлүүгэ киин балыыһа бастакы уочарата үлэҕэ киирдэ. Олохтоохтор бу түгэни 30 сыл күүттүлэр. Айсен Николаев «Якутия, вперед!» телебиэриигэ эппитинэн, Бүлүүнү сэргэ бу сылга өссө хас да доруобуйа харыстабылын эбийиэгэ үлэҕэ киириэхтээх.
«Доруобуйа харыстабылын бастакы звенотун модернизациялааһын бырагырааматынан Чурапчыга, Тааттаҕа, Уус-Майаҕа, Муомаҕа эбийиэктэр тутуллаллар. Сыл бүтүөр диэри бары үлэҕэ киириэхтэрэ диэн эрэнэбит», — диэтэ Айсен Николаев.
Баһылык бэлиэтээбитинэн, маннык киэҥ далааһыннаах доруобуйа харыстабылын эйгэтигэр тутуу региоҥҥа аан бастаан ыытыллар. «Россия президенин быһаарыытынан, улахан куораттары тэҥинэн, Дьокуускайга уонна тыа сиригэр, оройуоннар кииннэригэр доруобуйа харыстабылын эйгэтин сайыннарыыга улахан импульс бэрилиннэ», — диэтэ Николаев.
Кини бүтэһик сылларга өрөспүүбүлүкэҕэ уонунан быраас амбулаториялара, фельдшерскай-акушерскай пууннар киирбиттэрин эттэ. Холобур, бу күннэргэ саҥа ФАП Алдан оройуонун Ленинскэйигэр үлэтин саҕалаата. Алданского района.