23 Сэтинньи 23.11
  • -24°
  • $ 102,58
  • 107,43

Улуустарга арыллар питомниктар саха боруода сүөһүтүн элбэтиигэ үлэлииллэр

09:24, 02 февраля 2018
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ
Саха сиригэр саха боруода сүөһүтэ 1660-тан эрэ тахса ахсааннаах хаалла. Бэйэ сүөһүтүн сүтэрбэт туһуттан оройуоннарга питомниктары арыйталыыллар. Бу туһунан Ил Түмэн мунньаҕар кэпсэттилэр.

СӨ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы — тыа хаһаайыстыбатын уонна ас политикатын миниистирэ Петр Алексеев иһитиннэрбитинэн, региоҥҥа саха боруодатын иитиинэн 11 улууска дьарыктаналлар – Аммаҕа, Намҥа, Горнайга, Эдьигээҥҥэ, Мэҥэ Хаҥаласка, Өймөкөөҥҥө, Сунтаарга, Тааттаҕа, Хаҥаласка, Чурапчыга уонна Эбээн-Бытантайга.

«Билигин саха боруода сүөһүтэ сүтэр кутталлаах, төрүүр кыахтааҕа 666 эрэ төбө. Сүөһү сүппэтин наадатыгар бу сыыппара тыһыынчаттан тахса буолуохтаах», — диэтэ вице-премьер. Кини өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн бу боруода сүөһү ахсаана 1660 төбө хаалбытын тоһоҕолоон эттэ.

Саха ынахтарын сүтэрбэт сыалтан улуустарга питомниктар тэриллэллэр.

Биэс оннук питомник баар: Эбээн-Бытантайга, Аммаҕа, Намҥа уонна икки Горнайга. Балары «Сахаагроплем» судаарыстыбаннай тэрилтэ иилээн-саҕалаан үлэлэтэр. Салайааччы Василий Лукин кэпсээбитинэн, саха боруода сүөһүтүгэр улахан болҕомто ууруллар, буоһатар-ууһатар үлэ былаана ылыллыбыт.

Ааспыт сылга бу хайысхаҕа 5,7 мөл.солк. көрүллүбүт.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА