Улуу Сыһыы алаас хотонугар 13 ньирэй эбилиннэ

Одунуга Улуу Сыһыы алааһыгар Татьяна, Виктор Никифоровтар хотонноругар кып-кырачаан 13 ньирэй (5 тыһы, 8 оҕус) күн сирин көрдүлэр.

2021 с. түмүгүнэн СӨ норуотун хаһаайыстыбатын туйгуна Виктор Никифоров пиэрмэтин үлэтэ “Бастыҥ биирдиилээн хаһаайыстыба” ааты ылбыта, суруйда «Үлэ күүһэ» хаһыат.

This post was published on 25.01.2022 15:01 15:01