Хаҥалас улууһун Улахан:Аан нэһилиэгэр “Дьөһөгөй оҕото” саҥа түмэл дьиэтэ арыллан, олохтоохторго биир умнуллубат түгэни үөскэттэ.
Бу дьиэ тутуута олохтоох дьаһалта көҕүлээһининэн, норуот күүһүнэн тутуллан олоххо киирдэ. Бырайыак быһыытынан олохтоохтор “Арчы” дьиэтин туттарар баҕалаахтара, ол эрээри үп-харчы, хааччыйыы өттүттэн ыарахаттары көрсөн, эбийиэк ситэриллибэккэ көндөйө турбута. Олохтоох уопсастыбаннай сэбиэт бэрэссэдээтэлэ, учуутал идэлээх Парасковия Ионовна Максимова «сылгы куттаах бөртөлөргө туспа Дьөһөгөйгө анаммыт түмэл баара буоллар» диэн этии киллэрбитэ. Ону олохтоох дьаһалта тута өйдөөн, өйөөн, силигин ситэрэн, билигин “Дьөһөгөй оҕото” түмэл үлэтин саҕалаата.
Үөрүүлээх күн күндү ыалдьыт буолан ыҥырыллан кэллилэр түмэл дьиэтэ тутуутугар көмөлөспүт Ил Түмэн дьопутаата, “Якутцемент” салайааччыта Алиш Забид-оглы Мамедов, пуонданы хаҥатыыга үлэлэспит кыраайы үөрэтээччилэр СӨ үөрэҕэриитин үтүөлээх үлэһитэ Капиталина Гаврильевна Скрябина, СӨ үөрэҕэрии туйгуна Митрофан Ильич Ефремов, Дьөһөгөйгө аналлаах иһиттэри-хомуостары туттарбыт олохтоох дьон, өр сыл сылгыһыттаабыт дьон оҕолоро, уруулара. Тарбахтарыгар талааннаах кылга иистэнньэҥнэр Римма Трофимова, Лия Данилова бэйэлэрин айымньыларын бэлэх биэрдилэр. Красильникова Капитолина Семеновна тигэн хаалларбыт кылынан үлэтин кини кыыһа Саргылаана Осипова бэлэхтээн, дьиэ ис бараанын өссө тупсарда.
Түмэл дьиэтэ үгэс быһыытынан, кыһыл лиэнтэни быһыыттан, сиэри-туому толорууттан саҕаланна, туому толордо алгысчыт Лидия Харитонова, тэрээһини иилээн-саҕалаан ыыттылар СӨ үөрэҕэриитин туйгуна Наталья Григорьева уонна култуура уус-уран салайааччыта Марина Соломонова.
Баһылык солбуйааччыта Егор Валерьевич Барахов олохтоох дьаһалта салалтатын аатыттан Алиш-оглы Мамедовка истиҥ махтал тылларын анаата, эмблемалара бэчээттээх улахан таас чороону туттарда. Мамедов түмэлгэ анаан хартыына бэлэхтээтэ, ону таһынан бу түмэл олоххо киирэригэр сүүрбүт-көппүт киһиэхэ диэн ааттаан, П.И. Максимоваҕа 10 тыһ солк уу харчыны тус бэйэтиттэн туттарда. Кини «эһиил эбии ититии ситимин хааччыйарга көмө буолуом» диэн эрэннэрдэ.
Өр сылларга баһылыгынан үлэлээбит ытык дьоммут Иванов Игнатий Васильевич, Максимов Александр Степанович уоттаах-төлөннөөх тылы этэн сүргэбит көтөҕүлүннэ. А.С.Максимов түмэлгэ диэн ааттаан, ат толору симэҕин бэлэхтээтэ, өссө аны сыарҕалары бэлэхтиэм диэн эрэннэрдэ.
“Көмүлүөк” бэтэрээннэр түмсүүлэрэ бэйэлэрэ тикпит саламалаах ситиилэрин бэлэх ууннулар, “Күбэйэ” фольклор бөлөҕө, 5 кылаас уолаттара Кирил Голоков, Дамир Максимов, Покровскайтан “Ай ситим” фольклорнай бөлөҕө, “Эрэл” дуэт, дьахталлар түмсүүлэриттэн Татьяна Лукина ырыанан-тойугунан дьоро күнү киэргэттилэр.
“Дьөһөгөй оҕото” түмэл хаһаайката Парасковья Максимова күндү ыалдьыттарыгар өйдөбүнньүк бэлэхтэрин туттартаата уонна бу түмэл тутуутугар көмөлөспүт дьонун ахтан-санаан махтанна — Алиш Мамедовка, Людмила Борисоваҕа, Пудовтар дьиэ кэргэҥҥэ, «Бөртө» сылгы собуотугар, Михаил Павловка, С.Б. Пудовка, Сергей Павловка, Эдуард Николаевка, Серей Никифоровка, Семен Ивановка, Александр Голоковка, оскуола коллективыгар, үөрэнээччилэригэр, администрация үлэһиттэригэр уонна биир дойдулаахтарыгар намнарга, ат макетын оҥорбут Үөдэй олохтооҕор Прокопий Скрябиҥҥа, Гаврил Винокуровка уо.д.а.
Инникитин баҕарыам этэ сылгы куттаах бөртөлөр түмэл дьиэлэрэ,өссө да дьон-сэргэ сөҕө-махтайа көрөр экспонаттарынан туолуон, сылгылаах дьон буоларгыт быһыытынан, маастардарга күүс- тирэх буолан, кыл-сиэл бэрсэн, маастардаргыт өссө сайдан, норуот маастардарыгар тиийэ үүнүөхтэрин. Кэлэр-барар туристар ыллык тэбэн сылдьыахтарын, үүнэр көлүөнэ ыччакка экспонаттары билиһиннэрэр аһаҕас уруоктар ыытыллыахтарын, түмэл дьиэтэ кэҥээн-хаҥаан иһиэҕин, Парасковия Максимоваҕа айымньылаах үлэҕэр үрдүк ситиһиилэри, уйгу-быйаҥ олоҕу!
Ааптар: Лидия Харитонова