Удачнайга икки ый устата ыкка ытыттарбыт дьон ахсаана элбээтэ

Муус устар ыйга Надежнайга дьэллик ыт киһиэхэ саба түспүтэ. Ыам ыйын саҥатыгар 9 саастаах оҕоҕо саба түһэн, хаҥас илиитин ытырда. ПТВС оройуонугар гараастар тастарыгар куорат биир олохтооҕо эмиэ эмсэҕэлээтэ.

Ааспыт нэдиэлэҕэ Надежнай бөһүөлэккэ рейдэ ыытыллыбыта. Онно дьиэлэр уонна гараастар тастарыгар дьон бэйэлэрэ оҥорбут бууккалара, дьиэлэр тастарыгар ыты аһатар иһиттэр тураллара бэлиэтэннэ.

Кэһиилэри учаастак полицията болҕомтоҕо ылла.

СИА.

This post was published on 14.05.2018 15:20 15:20