Мииринэй оройуонун Удачнайыгар «Полярнай» аэропорт 1600 м усталаах көтөр балаһатын цемент уонна бетон булкадаһыгынан куталлар.
«Ространсмодернизация» пресс-сулууспатыгар эппиттэринэн, реконструкция бастакы түһүмэҕэ быйыл бүтүөхтээх.
Иккис түһүмэххэ 900 м ВПП, урууллуур суол, уот уонна метеооборудование бэлиэлэрэ туруоруллуохтара.
Үлэ барыта 2024 сылга түмүктэнэр. Ол кэннэ аэропорт Boeing 737-800, Ил-76 сөмөлүөттэри түһэриэҕэ.