30 Алтынньы 30.10
  • -17°
  • $ 97,33
  • 105,44

Убатыллыбыт гаас уматык хаһан баар буоларый?

Хаартыска: Саха сирэ саайт
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Атырдьах ыйын бүтүүтэ — балаҕан ыйын саҥатыгар Дьокуускайга пропан- бутан урукку кээмэйинэн атыыта төннүөҕэ.

Маныаха оттук сезона саҕаланан, айылҕа гааһын хостооһуна улаатыаҕа уонна ол быһыытынан убатыллыбыт углеводороднай гааһы оҥорон таһаарыы улаатыаҕа диэн СӨ Бырамыысыланнаска уонна геологияҕа министиэристибэтэ иһитиннэрэр.

Маны таһынан от ыйын 24 күнүгэр биэдэмистибэ гаас хампаанньаларын кытта сүбэлэһэн, икки оҥорон таһаарааччылары сыл аайы 40 тыһыынча туоннаҕа убатыллыбыт гааһынан Саха сирин ис ырыыныгар хааччыйарга сорук туруордулар, суруйда Саха сирэ саайт.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА