Ил Түмэҥҥэ 2023 с. күһүҥҥү сиэссийэ кэмигэр Доруобуйа харыстабылын сис кэмитиэтэ бэлэмнээбит «Об обращении Законодательной Думы Хабаровского края в Правительство Российской Федерации об изменении условий программы «Дальневосточная ипотека» уурааҕа ылыллыбыта. Бу туһунан Ил Түмэн пресс-сулууспата иһитиннэрэр, суруйда Саха сирэ саайт.
Сис кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ Светлана Давыдова этэринэн, бу сокуон барыла Уһук Илин уокурукка мэдиссиинэ уонна педагогическай үөрэхтээх эдэр исписэлиистэри тардыыга уонна олохсутарга оҥоһуллубут уонна бигэргэммит. Кини Уһук Илиннээҕи ипотека дьайыытынан дьиэ сыаната биллэрдик үрдээбитин бэлиэтээтэ.
Биэдэмистибэлэр икки ардыларынааҕы информационнай-статистическай тиһик чахчыларынан, Уһук Илиҥҥи уокурукка бастакы ырыынакка кыбартыыра биир кв.м сыаната 80% үрдээбит (2019 сыл төрдүс кыбаарталын 73,3 тыһ. солкуобайтан 2023 сыл иккис кыбаарталыгар 132,6 тыһ. солк. диэри).
Оччотугар, Уһук Илиннээҕи чэпчэтиилээх ипотека кээмэйин улаатыннарыы дьиэ атыылаһыыны үрдэтиигэ уонна эбии саҥа олорор дьиэни тутууга эбии кыахтары үөскэтиэҕэ.
Саха сиригэр улуустарынан кыбартыыра сыаната инникитин хайдах, хаһан үрдүүрүн туһунан сиһилии «Саха сирэ» хаһыат аныгыс нүөмэригэр ааҕыҥ.