Уһук Илиҥҥэ былааннаммыт эбэтэр олоххо киирэ сылдьар судаарыстыба өйөбүллээх бырайыактарга чааһынай инвестиция кээмэйэ 5,1 триллион солкуобайга тэҥнэспит. Бу туһунан Уһук Илини, Арктиканы сайыннарыы министиэристибэтин пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Бүгүҥҥү күҥҥэ Уһук Илин федеральнай уокуругар судаарыстыба өйөбүллээх 2551 инвестбырайыак олоххо киирэ сылдьар. Урбаанньыттары кытары түһэрсибит инвестицияҕа сөбулэҥ кээмэйэ 5,102 триллион солкуобайга тэҥнэһэр.
Балаҕан ыйын 1 күнүгэр Уһук Илиҥҥэ инвестордары кытары 2507 сөбүлэҥ түһэрсиллибит буоллаҕына, бу күҥҥэ ити сыыппара 2551 тэҥнэстэ. Бу бырайыактар кэнэҕискитин олохтоохторго 177 тыһ.үлэ миэстэтин таһаарыахтара. Эбиллии сөбүлэҥ ахсааныттан эрэ буолбакка саҥа тэриллибит тэрилтэ ахсааныттан эмиэ биллэр. Балаҕан ыйын 1 күнүгэр 337 тэрилтэ баар эбит буоллаҕына, 28 чыыһылаҕа – 342.
Билиҥҥитэ Уһук Илин инвестбырайыактарыгар 1,31 триллион солкуобай көрүллүбүт, 54,5 тыһ үлэ миэстэтэ тэриллибит.