22 Сэтинньи 22.11
  • -30°
  • $ 100,68
  • 106,08

Уһук Илиҥҥи уокурукка чэпчэтиилээх билиэт элбиэҕэ

12:28, 27 октября 2022
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Чэпчэтиилээх билиэти нэһилиэнньэ хото туһанар. Аҥаардас күүлэйдии, сынньана эрэ буолбакка, доруобуйаларын көрдөрүнээччилэр, үөрэнэ барааччылар кэлэллэрэ-бараллара үгүс. Уһук Илиҥҥи уокурук үрдүнэн чэпчэтиилээх билиэт ахсаана уонна саҥа хайысхаларга көтүү (маршрут) элбиир буолла.

Ил Дархан Айсен Николаев Уһук Илиҥҥи авиахампаанньалар стратегическай сиэссийэлэригэр Уһук Илиҥҥи уокурукка авиабилиэт сыанатын чэпчэтии сүрүн сыалынан-соругунан буоларын туһунан эттэ. «Уһун Илиннээҕи биир кэлим хампаанньа уокурук олохтоохторун таһыыга улахан көдьүүстээҕин көрдөрдө. Уопсай кээмэйтэн үһүн «Якутия» авиахампаанньа  толорор. Саха сирин олохтоохторо билигин Благовещенскайга, Красноярскайга, Улан-Удэҕэ, Читаҕа, Хабаровскайга көтүүгэ чэпчэтиилээх билиэттэри туһаналлар. Урут маннык диэн суоҕа», –  диэн Айсен Сергеевич эттэ. Кини Уһук Илин авиахампаанньаларын бииргэ түмүү Арҕаа дойдулар Арассыыйаҕа араас хабааннаах сааҥсыйалары соҥнуур кэмнэригэр бары өттүнэн сөптөөх быһаарыныы диэн санаатын үллэһиннэ.

«Арҕаа дойдулар сааҥсыйалара бастакы уочарат авиация салаатын таарыйдылар. Манна оҥорон таһаарыы, көтөр аал саппаас чаастарынан хааччыллыы хабыллар. Онон салгын аалларын оҥорууну, саппаас чаастарынан хааллыыны  сайыннарар инниттэн тустаах авиахампаанньалары түмүү барбыта саамай сөп», — диэн Айсен Николаев быһаарда.

«Аврора» авиахампаанньа генеральнай дириэктэрэ Константин Сухоребрик тустаах хампаанньа баазатыгар биир кэлим Уһук Илиннээҕи авиахампаанньа тэриллибитэ улахан көдьүүстээх буолуоҕун туһунан эттэ.  Ол курдук, бастакы уочаратынан ыраах сытар нэһилиэнньэлээх пууннарга көтүү олохтонуохтааҕын уонна билиэт сыаната удамыр буолуохтааҕын туһунан ыйда. «Саха сиригэр авиация улахан оруоллаах. Нэһилиэнньэлээх пууннар бэйэ-бэйэлэриттэн ыраах сыталларын ааһан, килиимэтэ уустук. Манна уопуттаах исписэлиистэр үлэлииллэр. Онон маннык хабааннаах бииргэ үлэлээһин Уһук Илиҥҥи уокурукка авиацияны сайыннарыыга төһүү күүһүнэн буолуоҕа», — диэн Константин Сухоребрик санаатын үллэһиннэ.

СӨ тырааныспарка уонна  суол хаһаайыстыбатын миниистирэ  Владимир Сивцев эрэгийиэҥҥэ «Байкал» диэн сөмөлүөт кэлэн үлэлиэхтээҕин туһунан иһитиннэрдэ. Бу көтөр аал инньэ ССРС саҕаттан номоххо киирбит Ан-2 (Антошка) сөмөлүөтү солбуйуоҕа. Эрэгийиэн миниистирэ бэлиэтээбитинэн, сотору саҥа маршруттар баар буолуохтара. «Якутия» авиахампаанньа  «Аврора» хампаанньаны кытта 2021 сылтан үлэлиир, бииргэ 15 хайысхаҕа көтүүнү оҥороллор.  «Аврора» авиахампаанньаны кытта былаан быһыытынан эбии уон салгын суудунатын ылыахпыт. Билигин быстах кэмҥэ икки көтөр аал үлэлиир. РФ Бырамыысыланнаска министиэристибэтигэр  Уһук Илиҥҥи уокурукка саҥа сөмөлүөттэри аҕалалларыгар туруорустубут уонна, саамай сүрүнэ, ол көтөр аалларга бэйэбитигэр оҥоһуллар саппаас чаастар туһаныллыахтаахтар», — диэн «Якутия» генеральный дириэктэрэ  Андрей Винокуров иһитиннэрдэ.

Источник: © sakha-sire.ru сайт

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА