Уһук Илиҥҥэ бэриллэр чэпчэтиилээх ипотека 2019 сыл ахсынньытыттан бэриллэр буолбута. Бүгүҥҥү күҥҥэ ипотеканы 1,8%-ҥа ылыахха сөп буолла.
Уһук Илиҥҥи ипотеканы 1,8%-ҥа ылыахха сөп буолла диэн өрөспүүбүлүкэтээҕи ипотечнай ааҕыныстыба иһитиннэрэр.
Уһук Илин ипотекатын 36 саастарын туола илик эдэр ыалга уонна 18 сааһын туола илик оҕолоох аҥаардас төрөппүккэ, «гектаары» ылбыт киһиэхэ биэрэллэр. Саҥа тутуллубут, эбэтэр тутулла турар дьиэттэн кыбартыыраны ылар, эбэтэр тыа сиригэр дьиэ туттар, атыылаһар көҥүллэнэр.
Кыччаабыта 500 тыһыынча солкуобайы, муҥутаан элбээбитэ 6 мөлүйүөн солкуобайы үстэн сүүрбэ сылга диэри биэрэллэр. Бу бырагыраама 5 сыл устата, 2024 сыл бүтүөр диэри үлэлиир.
Кирэдьиит болдьоҕо бүтүөр диэри ипотека бырыһыана 1,8-2%-тан үрдээбэт. Урут ылбыт ипотека бырыһыанын кыччатар көҥүллэммэт. Олоҕу страховкалыыртан аккаастанар буоллахха, ыстаапка 0,7% үрдүүр. Саха сирэ Уһук Илин ипотекатын ылыыга билиҥҥитэ иккис миэстэлээх. Ол туһунан ДОМ.РФ баан бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Данила Литвинов иһитиннэрэн турар.