22 Сэтинньи 22.11
  • -26°
  • $ 100,68
  • 106,08

«Уһук Илиҥҥи гектар»: Саха өрөспүүбүлүкэтэ үлэлиир дьоҥҥо эбии сири биэрэр

10:30, 26 февраля 2018
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Саха өрөспүүбүлүкэтигэр «Уһук Илиҥҥи гектары» сэргэ үлэлиир Саха гектара” бырайыагынан 7,6 тыһ гектар сир бэрилиннэ.


Санатан эттэххэ, Саха гектара” бырайыак Ил Дархан  Егор Борисов 2016 с. Анал этиитинэн саҥа сирдэри, быраҕыллыбыт бааһыналары, ходуһалары чөлүгэр түһэриигэ, ыраах учаастактары туһаҕа таһаарыыга туһаайыллан оҥоһуллубута. Бу бырайыагынан чааһынай ыалларга “Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр гражданнар кэтэх хаһаайыстыбаларын туһунан” сокуон чэрчитинэн, 2,5 гектар сир, оттон үлэни-хамнаһы тэринэр бааһынай хаһаайыстыбаларга өрөспүүбүлүкэтээҕи Сир Кодексатын 31-с ыстатыйатын 2-с пуунугар олоҕуран, 20 гектар сир бэриллэр. «Уһук Илиҥҥи гектар» бырагырааманан үлэлээччилэр быйылгыттан саҥа саҕалыыр бааһынайдарга, дьиэ кэргэн пиэрмэлэрин тутууга анаммыт бырагыраамаларынан көрүллэр граннарга, сылгы базатын тутуу, лизининэн тиэхиньикэни атыылаһыы ороскуотун сорох чааһын толуйуу субсидияттыгар, биирдэм урбаанньыттарга олохтоох табаары оҥорууга көрүллэр көмөҕө хабыллар кыахтаннылар. Бэриллэр сири көдьүүстээхтик туһаныы биир холобурун Амма улууһун Эмис нэһилиэгин олохтооҕо Егор Константинов көрдөрөр. Кини бииргэ төрөөбүт бырааттарын кытары ынах сүөһүнү уонна сылгыны иитиинэн дьарыктанар. Хаһаайыстыбатын кэҥэтэргэ сананан, былырыын «Уһук Илиҥҥи гектарынан» биэс гектар, «Саха гектарынан» сүүс гектар сири ылбыта итиэннэ ол сирин туһаҕа таһаарарга үлэлии-хамсыы сылдьар. Сүөһүтүн-сылгытын ахсаанын элбэтэн, сылга түөрт туонна эти оҥорор таһымҥа тиийэргэ дьулуһар.

Владимир Путин Илиҥҥи экономика форумугар: «Дьон сир ыланнар, бэйэлэрэ хаһаайыстыба тэринэллэрин таһынан, элбэх буолан түмсэн, саҥа поселениялары төрүттүүллэр. Ол иһин бу хамсааһыҥҥа Бырабыыталыстыба уонна регионнар сөптөөх үбүлээһини көрүөх уонна коммунальнай инфраструктураны тэрийэргэ көмөлөһүөх тустаахтар», – диэн чуолкайдык этэн турар. Саҥа үөскүүр поселениелары Россия Бырабыыталыстыбатын вице-премьера Юрий Трутнев тус бэйэтинэн хонтуруолга ылла. Уһук Илиҥҥэ уонна Байкал регионугар инвестиционнай бырайыактары олоххо киллэрии боппуруостарыгар анаммыт Бырабыыталыстыба хамыыһыйатын олунньу 14 күнүгэр ыытыллыбыт сүбэ мунньаҕар Уһук Илиҥҥи гектар чэрчитинэн саҥа тэриллэр поселениеларга суолу-ииһи, уоту-күөһү, сибээһи о.д.а. тутуу бырайыактара дьүүллэһиллибитэ. Уһук Илин 2018-2019 сс. социальнай-экономическай сайдыытын былааныгар «Уһук Илиҥҥи гектарынан» тэриллэр поселениеларга үбүлээһин көрүлүбүтэ.

Биһиги өрөспүүбүлүкэбит бу үлэттэн туора турбат, үс бөһүөлэги сайыннарарга былаан ылынна: Амма улууһугар Булуҥ учаастагын, Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Аллараа Бэстээх сэлиэнньэтин итиэннэ Ньурба улууһугар Антоновка сэлиэнньэтин.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА