22 Сэтинньи 22.11
  • -30°
  • $ 100,68
  • 106,08

Уһук Илиҥҥэ инникилээн сайдар патриотическай территорияны тэрийэр туһунан эттилэр

16:28, 27 января 2023
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Уһук Илиҥҥэ инникилээн сайдар территорияны тэрийэргэ этилиннэ, манна патриотическай хайысханы сайыннарыахтара уонна дойду Оборонатыгар үлэлиир бырайыактары киллэриэхтэрэ. Ол туһунан «НТВ» телеханаалга вице-премьер — Уһук Илиҥҥэ президент боломуочуйалааҕа Юрий Трутнев эттэ.

«Биһиги сыл түмүгүн таһаардыбыт. Араас боппуруоһу дьүүллэстибит. Ол кэмигэр өссө биир толкуй кэллэ. Биһиги саҥа инникилээн сайдар территорияны тэрийиэхпитин наада. Холобур, патриотическай диэн хайысхалыахпытын сөп уонна онно дойду Оборонатыгар үлэлиир бырайыактары киллэриэххэ. Усулуобуйа тэрийэн, түргэнник сайдарыгар кыах биэриэххэ. Ол хайдах оҥоһулларын биһиги өйдүүбүт», — диэтэ Трутнев.

Юрий Трутнев эппитинэн, бүгүн дойду хас биирдии олохтооҕо байыастары хайдах өйүүр туһунан толкуйдуохтаах, кыайыыны чугаһатары.

Билигин Уһук Илиҥҥэ бойобуой баггилары оҥоруу саҕаланна, пилота суох көтөр аппарааттары оҥорууга үлэ барар. «Атыны оҥорууну эмиэ толкуйдуубут, харыстыырга туттуллар уонна обмундированиеҕа сөптөөҕү. Кыайыыны чугаһатыыга наадалааҕы барытын оҥоруохпут», — диэтэ Трутнев.

Юрий Трутнев бэлиэтээбитинэн, Уһук Илиҥҥи федеральнай уокурукка, дойду үрдүнэн курдук, патриотическай иитии кииннэрэ арыллаллар. Сотору инструктордары бэлэмнээһин саҕаланыаҕа, дьону үөрэтиэхпит. Бу сыл бүтүөр диэри 12 кииҥҥэ 40 тыһ тахса киһини үөрэтэр былааннаахпыт.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА