22 Сэтинньи 22.11
  • -28°
  • $ 100,68
  • 106,08

Уһук Илиҥҥэ дьоҕус уонна орто предпринимательство тэрилтэтэ элбиир

13:01, 05 мая 2022
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

2021 сылга Уһук Илиҥҥэ регистрацияламмыт дьоҕус уонна орто предпринимательство субъегын ахсаана 1,2% эбилиннэ. Оттон үлэһит орто ахсаана 5,6% аҕыйаата. «Востокгосплан» тэрилтэ экспертэрэ маннык быһаарыы оҥордулар, ааспыт сыллааҕы сайдыыга түмүгү таһаарыыга.

«2022 сыл тохсунньу 10 күнүнээҕи туругунан, Уһук Илиҥҥи уокурукка МСП быһыытынан регмистрацияламмыт юридическай сирэйдэр уонна индивидуальнай предпринимателлэр ахсааннара 306,9 тыһ буолбут, онтон 96,4% дьоҕус тэрилтэлэр», — диэтилэр эксперттэр.

Сүрүннээн эбиллии Приморскай кыраайга – 27,3%, Хабаровскай кыраайга – 16,4% уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр – 13,2% бэлиэтэммит.

Саамай улахан дохуоттаах тэрилтэлэр Камчатскай кыраайга — 78,5%, оттон саамай намыһах – Еврейскай автономнай уобаласка (44,6 %) бааллара биллибит.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА