«Тымныыны баһылааччылар» экстремальнай экспедицияларын түмүктээн Дьокуускайга төннөллөр. Сарсыардаттан балаакаларын, малларын дьаһанан Уус-Ньараҕа уонна Баатаҕайга аҕаллылар. Тохсунньу 22 күнүгэр кинилэр Дьокуускайга суруналыыстары кытта көрсүөхтэрэ.
Өймөкөөннөөҕү бөлөх экспедиция түмүктүүр күнүгэр Таас-Кыстаабыт хайатыгар тахса сырытта. Манна айан иннинэ күүс-уох, энергия ыллылар, хаартыскаҕа түстүлэр. Бэйэлэрэ көҕүлээн, өссө түөрт күн иннинэ хаар дьиэ оҥордулар. Дьааҥытааҕы бөлөх табаһыттар олохторун, туундара «тыынын» кытта билистилэр.
Санатар эбит буоллахха, «Тымныыны баһылааччылар» бастакы экспедиция тохсунньу 12 күнүгэр стартаабыта. Бырайыак «Тымныыны баһылааччы» норуоттар икки ардыларынааҕы бренды олохтуурга туһуланар.
Экстремаллар күн аайы 6.00, 9.00 уонна 12.00 чаастарга салгын температуратын кэмнээтилэр.