Олунньу 16 күнүгэр сарсыарда 10.00ч. Бэчээт дьиэтин Медиа-киинигэр (Дьокуускай к., Ордоникидзе уул., 31, 2 этээс) төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик декадатын чэрчитинэн суруналыыстарга аналлаах семинар ыытыллар.
Кыттыыны ылаллар:
— Иванова Нина Иннокентьевна, РНА СС ГЧуоХААОПИ саха тылын грамматикатын уонна диалектологиятын сиэктэрин ыстаарсай научнай үлэһитэ, ф.н.хандь.;
— Нелунов Анатолий Гаврильевич, РНА СС ГЧуоХААОПИ лексикография сиэктэрин ыстаарсай научнай үлэһитэ, ф.н. хандь.;
— Николаева Альбина Михайловна, РНА СС ГЧуоХААОПИ лексикография сиэктэрин научнай үлэһитэ, ф.н. хандь. – Сахалыы тылы – өһү таба туһаныахха (сахалыы хаһыакка, сурунаалга);
— Сидоров Олег Гаврильевич, М.К.Аммосов аат. ХИФУ ФЛФ Суруналыыстыка салаатын сэбиэдиссэйэ, “Илин” сурунаал редактора, СӨ суруйааччыларын ассоциациятын бэрэссэдээтэлэ.
Билсэр уонна сурутар тел.: 506-207, 89142253868.
Электроннай аадырыс: Argunovanp@sakha.gov.ru
Бу туһунан Саха Өрөспүүбүлүкэтин бэчээт уонна телевидениенэн, радионан биэрии дьыалаларыгар Департамена иһитиннэрэр.