2 Муус устар 02.04
  • -9°
  • $ 80,62
  • 93,44

Тыа ыалын сарсыардата сэппэрээтэр тыаһыттан саҕаланар кэмэ үүннэ

10:03, 02 апреля
Читайте нас на

Саха сиригэр ынах төрөөһүнэ маассабайдаата. Элбэх сүөһүлээх хаһаайыстыбаларга күҥҥэ биэстии-алталыы ньирэй сылаас окко төлөһүйэ түһэр.

Тыа сиригэр сүөһүлээхтэр ынахтара төрөөн, үрүҥ илгэни мотуйар күннэрэ. Ыаллар сарсыардалара сэппэрээтэр тыаһыттан саҕаланар.

Улуустарга үрүҥ аһы соҕотуопкалыыр тэрилтэлэр үүтү тутан эрэллэр.

Бэлиэтээн эттэххэ, муус устар 26 күнүнээҕи туругунан, өрөспүүбүлүкэ бары хаһаайыстыбаларыгар 14750 ынах төрөөтө.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА