Тыа сирин тупсарыыга анаммыт биир бырайыакка федеральнайдааҕы бюджеттан көрүллэр муҥутуур сууманы 2 мөл солк-тан 3 мөл солк диэри улаатыннарыахтара.
Уураахха премьер-миниистир Михаил Мишустин илии баттаата, ол туһунан РФ бырабыыталыстыбатын саайтыгар таҕыста.
Маны сэргэ тыа сирин тупсарыыга регион бырагыраамаларыгар көрүллэр субсидия алын кээмэйэ улаатта — 1 мөл солк-тан 3 мөл солк тиийдэ.
Тыа сирин инфраструктуратын сайыннарыыга үлэ «Комплексное развитие сельских территорий» бырагырааманан салаллан барар, 2019 сыллаахха докумуону бырабыыталыстыба Владимир Путин сорудаҕынан бигэргэппитэ.