Регионнартан тыа сирин сайыннарыыга туһуламмыт бырайыактарга сайаапка тутуута саҕаланна. Манна транспорт, социальнай уонна инженернай инфраструктураларга хайысхалар көрүллэллэр.
Бастыҥ бырайыактар олоххо киириилэригэр федеральнайдааҕы бюджеттан үп көрүллэр.
Бырайыак холобурдара:
— дьыссааттары, оскуолалары, поликлиникалары, култуура уонна спорт эбийиэктэрин тутуу уонна өрөмүөн
— уу хачайдыыр турбалары уонна гаас ситимин тутуу, уларытан оҥоруу
— уулусса уотун уонна телекоммуникацияны сайыннарыы
— тыа сирин оскуолаларыгар уонна атын социальнай эбийиэктэргэ транспорт уонна оборудование ылыыта
— суолу тутуу уонна өрөмүөн
Өскөтүн эн олорор сириҥ сайдыытыгар, аныгылыы көстүүлээх буолуутугар идеялаах буоллаххына олохтоох дьаһалтаҕа көҕүлээһиҥҥин эт. Исписэлиистэр бырайыак оҥорон, куонкуруска ыытыахтара. Докумуоннары тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтигэр тиксэриллэр.
Быйыл 52 региоҥҥа 140-тан тахса бырайыак хабылынна.
Тэрээһин мөлүйүөнүнэн киһини хабар, суруйда РФ тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ.