Тыа сирин чэпчэтиилээх ипотекатыгар эбии икки миллиард солкуобайы көрөрү Арассыыйа премьер-миниистирэ Михаил Мишустин өйүүрүн туһунан от ыйын 22 күнүгэр Госдумаҕа бырабыыталыстыба отчуотун кэмигэр эттэ. Бу туһунан «Российская газета» суруйар.
Билигин тыа сирин чэпчэтиилээх ипотекатыгар бааннар 18,5 миллиард солкуобай кирэдьиити биэрэн олороллор. Барыта 182 миллиард солкуобайга сайаапка түһэн сытар. “Ол эрэн бүддьүөт кыаҕыттан көрүөхпүт. Бырагыраама эһиил да өйөнүө диэн эрэнэбин”, — диэтэ премьер.
Маны таһынан, дьон биһирэбилин тыа сирин сайыннарыы бырагыраамата ылла, диир Мишустин. Быйыл бу сыалга 25 миллиард солкуобай, 2021 сылга — 35 миллиард, 2022 сылга — 40 миллиард солкуобай көрүллүө диэтэ кини.