Тыа сирин дьахталлара уруккутааҕар түөрт чааһынан кылгастык үлэлиир буолуохтара. Тустаах сокуон барылын Госдуума бүтэһиктээх ааҕыыга ылынна, диэн иһитиннэрэр НВК «Саха».
1990 сыллаахха РСФСР Үрдүкү Сэбиэтин уурааҕынан тыа сирин дьахталларыгар кылгатыллыбыт 41 чаастаах үлэ нэдиэлэтэ олохтоммута. Оттон билиҥҥи үлэ кодексынан бу болдьох 40 чааска тэҥнэһэр. Саҥа көннөрүүнэн бу араастаһыы тэҥнэннэ. Маны сэргэ саамай сүрүнэ, тыа сиригэр үлэлиир дьахтар социальнай көмүскэлэ федеральнай сокуонунан араҥаччыланар.
Мантан ылата тыа сирин дьахталллара 36 чаас үлэлииллэр, ити эрээри хамнастара 40 чаастаах үлэ нэдиэлэтинэн ааҕыллыа. Иккиһинэн, өскөтүн бу иннинэ үлэ биэрээччи көҥүллээтэҕинэ эрэ төлөбүрэ суох биир күн өрүүр буоллаҕына, билигин салайааччы ону туорайдаһыа суохтаах. Сайабылыанньа суругунан киирдэ да, үлэһит дьахтар болдьообут күнүгэр үлэлээбэт.
«Тыа сиригэр үлэлиир дьахталлар үлэлэрин чааһа икки түһүмэххэ арахсар. Холобура дайааркалар, сүөһү көрөөччүлэр сарсыарда уонна киэһэ үлэлииллэр. Маннык дьахталлар үлэ эбэтэр кэлэктиибинэй дуогабарынан, үрдэтиллибит хамнаһы ылар кыахтаннылар», — диэн СӨ идэлээх холбоһугун федерациятын бэрэссэдээтэлин солбуйаачы Валентина Кириллина кэпсээтэ.