22 Сэтинньи 22.11
  • -24°
  • $ 100,68
  • 106,08

Тыа сирин быраастарыгар коммунальнай өҥө иһин төлөбүрдэрин төнүннэриэхтэрин сөп

12:06, 25 февраля 2020
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Депутаттар тыа сиригэр үлэлиир быраастар коммунальнай өҥө иһин төлөбүрдэрин компенсациялыыр туһунан сокуон барылын бэлэмнээтилэр. Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ «Земскэй федьдшер» бырагырааманы орто медперсоналга туһаайан кэҥэтэр былааннаах. Билигин тыа сиригэр үлэлии кэлбит фельдшерга мөлүйүөн аҥара солк «подъёмнай» төлөнөр. Атын медүлэһиттэргэ ити бырагыраама дьайбат. Экспертар этэллэринэн, поликлиникаларга баар кабинеттар (биэдэмистибэ саҥа бирикээһинэн бу булгуччулаах буолбатах) исписэлиис баар буоллаҕына сабыллыбаттар, диэн суруйар «Парламентская газета».


Медик статуһун хайдах үрдэтэбит

25 тыһыынча быраас уонна 130 тыһыынча орто медперсонал — доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин суоттааһынынан, бастакы көмөнү оҥоруу систиэмэтигэр бачча кадр тиийбэт. Кыһалҕаны 2024 сылга быһаарар былаан турар. Бу кэмҥэ балыыһалары уонна поликлиникалары медиктарынан хааччыйыы 95 бырыһыаҥҥа тэҥнэһиэхтээх. Маннык соругу толорорго быраас социальнай статуһугар саҥалыы болҕомтону уурар наада, диир Госдуума доруобуйа харыстабылыгар кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Дмитрий Морозов.

«Өскөтүн эдэр киһи медицина хайысхалаах үрдүк үөрэх кыһатыгар киирэригэр сөптөөх хамнаһы ыларын, хаһан дьиэ туттуон сөбүн, салгыы үөрэнэригэр усулуобуйа тэриллэрин, сайдыытын кэскилин билбэт буоллаҕына — туруоруллубут соруктары быһаарарбыт уустук«, — диэн кини РФ Уопсастыбаннай палаататын төгүрүк остуолугар олунньу 21 күнүгэр эттэ.

Преференция быһыытынан, тыа сиригэр үлэлии кэлбит быраастарга коммунальнайдарын иһин төлөбүрдэрин толуйуу буолуон сөп. Кэмитиэт чилиэнэ Николай Герасименко быһаарбытынан, билигин маннык көмө быраастарга суох, учууталларга эрэ баар.

«Өскөтүн тыа сиригэр үлэлиир учууталларга коммунальнай өҥө иһин төлөбүрдэрин 100 бырыһыан төннөрөр эбит буоллахтарына, маннык быһаарыы быраастарга көрүллүбэт», — диэтэ кини. Онон маны быһаарыыга хайаан да сокуон наадатынан, депутаттар бөлөхтөрө бу нэдиэлэҕэ Госдума көрүүтүгэр барылы киллэрдэ. «Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ биһигини өйүүрүгэр ыҥырабыт», — диэтэ депутат.

Сиһилии https://ysia.ru/selskim-vracham-mogut-kompensirovat-platu-za-kommunalnye-uslugi/

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА