22 Сэтинньи 22.11
  • -30°
  • $ 100,68
  • 106,08

Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ тэриллибитэ 100 сылынан эҕэрдэ!

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Ытыктабыллаах тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтигэр араас сылларга үлэлээбит ытык-мааны дьоммут, тыа хаһаайыстыбатын салаатын туруу үлэһиттэрэ!Эһигини Сахабыт өрөспүүбүлүкэтин автономиятын уонна тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин үйэлээх үбүлүөйдэринэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит!

100 сыл анараа өттүгэр муус устар 27 күнүгэр Саха Автономнай Сэбиэскэй Социалистическай Республикатын тэрийэр туһунан Бүтүн Союзтааҕы Киин Ситэриилээх Кэмитиэт уурааҕа тахсыбыта. Бу тахсыбыт уураах 5 пуунугар республика дьыалаларын дьаһайарга анаан сэттэ Норуодунай Комиссариаты тэрийэргэ диэн ыйыллыбыта, ол иһигэр Сир оҥоһуутугар комиссариат, билиҥҥитинэн, тыа хаайыстыбатын министиэристибэтэ тэриллибитэ. Бастакы наркомунан Семен Николаевич Донской-I анаммыта.

Эти-үүтү, бурдугу дэлэтиини хааччыйар, олохтоох омуктар сылгыны, ынаҕы, табаны иитэр төрүт үгэстэрин сайыннарар тыын суолтатаах наркомат хара тэриллиэҕиттэн харах далыгар киирбитэ.
Сэбиэскэй былаас олохтонор сылыгар саха дьонун сүрүн дьарыгынан ынах-сылгы сүөһүнү ииттии этэ. Хас биирдии саха ахсааныгар иккилии ынах сүөһү, хас иккис сахаҕа биир сылгы тиксэрэ. Бурдугу, оҕуруот аһын – сүрүннээн Дьокуускай, Өлүөхүмэ, Бүлүү эҥээр олохтоох нууччалар хото үүннэрэллэрэ.

1945 сылга диэри 11 нарком үлэлээн ааспыта биллэр. Кинилэр аан бастаан тэрээһиннээх хаһаайыстыбалары, колхуостары тэрийиигэ, механизацияны киллэриигэ, тыа хаһаайыстыбатын каадырдарын иитиигэ, Аҕа дойду Улуу сэриитин сут-кураан сылларыгар  тыыл үлэтин салайыыга, фроҥҥа сылгыны, сүөһүнү ыытыыга, соҕотуопка араас көрүҥүн сүрүннээһиҥҥэ үгүс үлэни-хамнаһы ыыппыттара. 1945 cылтан бэттэх тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ, кэм ирдэбилинэн, саҥа соруктары туруорунан, сайдыы суолун салгыы солообута. Холобур, 40-c cыллар бүтүүлэригэр табаны иитии күүһүрбүтэ, 50-c cылларга сир баайын хостуур промышленнай оройуоннарга сибиинньэни, 60-с сыллартан Саха сирин куораттарыгар дьиэ көтөрүн дэлэччи иитии саҕаламмыта. Колхуостар бөдөҥсүйэн сопхуостарга кубулуйбуттара, биир ынахтан ыанар үүт былаанын үрдэтии, сүөһү ыйааһынын улаатыннарыы диэн өйдөбүллэри, күүрээннээх социалистическай куоталаһыылары, пятилетка гвардеецтарын – аҕа, орто саастаах көлүөнэлэр бэйэбит эппитинэн-хааммытынан үчүгэйдик билэбит. Тыйыс айылҕалаах дойдубутугар сөп түбэһэр ынах, сылгы сүөһүнү, бурдугу, үүнээйини тэнитии – аграрнай наука кыайыыта.
Кэлин уларыта тутуу, олоҕу хаттаан анаарыы, дойду үрдүнэн ас-таҥас быстар кырыымчыгырбыт, хамнас төлөммөт буолбут уустук кэмнэригэр даҕаны, тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ инники кэскили торумнуур соругун чиэстээхтик толорбута. Уонунан сыллары аҕыйах тылынан саба быраҕан этэр буоллахха, биһиги миниистирдэрбит агропромышленнай холбоһук, ассоциациялар, кооперациялар, рыночнай экономикалаах дойдулар уопуттарын үөрэтии, анал программалары олоххо киллэрии, субсидиялааһын, модернизациялааһын, үүтү-эти оҥорууга техническэй регламеннар, сыыппараҕа көһүү, тыа сирин күөх төлөнүнэн хааччыйыы, техниканы саҥардыы, сайылыктааһыны сөргүтүү, онтон да атын тыын суолталаах хайысхаларга туох-баар күүстэрин-кыахтарын, бэйэлэрин тус мындырдарын, ураты толкуйдарын толору туһанан үлэлээбиттэрэ. Кинилэртэн ким даҕаны чэпчэки суолунан хаампатаҕа – тыа хаһаайыстыбатын салаатын кыһалҕата элбэх, түбүгэ бүппэт. Дойдубут социальнай-экономическай туруга, ону сэргэ тулалыыр айылҕабыт быһыыта-майгыта тыа сирин олохтоохторугар быһаччы дьайыылаахтар.

Бүгүн тыа хаһаайыстыбатын салаата бигэ суолга үктэнэрин, бу салаа бөҕө туруктанарын, тыа сирин дьоно-сэргэтэ уйуктаах олохтоноллорун мэктиэлиир, тэрийэр былаас биир тутаах органын быһыытынан министиэристибэ киэҥ хабааннаах үлэни тэрийэр. Министиэристибэ уонна тыа хаһаайыстыбатын салаата, тыа сирэ быстыспат хардарыта күүстээх ситимнээхтэр.

Ытыктабыллаах Саха сирин олохтоохторо!

Убаастабыллаах  тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтигэр араас сылларга үлэлээбит ытык дьоммут! Сахабыт өрөспүүбүлүкэтин уонна министиэристибэбит 100 сыллаах үбүлүөйдээх күннэринэн өссө төгүл истиҥник эҕэрдэлиибит уонна министиэристибэ билиҥҥи коллективын аатыттан, төрөөбүт төрүт дойдубут сайдыытыгар киллэрбит кылааккыт иһин барҕа махталбытын тиэрдэбит! Бигэ доруобуйаны, уһун дьоллоох олоҕу, айымньылаах үлэни, үтүөнү-кэрэни баҕарабыт!

Тыа сирэ – омукпут биһигэ.
Тыа хаһаайыстыбата – дойдубут тирэҕэ.
Үлэбит-хамнаспыт таһаарыылаах буоллун!
Олохпут-дьаһахпыт уйгута улааттын!
Сүүс сыллаах Өрөспүүбүлүкэбит
кэскилэ кэҥээтин, уруйа улааттын!

Эҕэрдэни кытта, СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын миниистирэ Александр Атласов.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА