Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ улуустар ыккардыларыгар от тиэйиитигэр көмөлөһөр. Бу туһунан вице-премьер Михаил Никифоров социальнай ситиминэн быһа тахсыытын кэмигэр иһитиннэрдэ.
Михаил Никифоров былырыын окко былааны бары улуустар толорботохторун эттэ. Маны таһынан күһүҥҥү баһаардар түмүктэригэр икки тыһыынча туонна кэриҥэ кэбиһиллибит от уокка былдьаммытын иһитиннэдэ. Итинэн сиэттэрэн тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ от атыытыгар биир кэмнээх көмө харчыны көрөргө быһаарыммыт.
«Маны таһынан оту тиэйиигэ көмөлөһөбүт. Маныаха тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыы бырагырааматыгар үп көрүллэн сытар. Эмсэҕэлээбит хаһаайыстыбалар атын улуустартан, нэһилиэктэртэн от атыылаһыахтарын сөп. Ороскуот сорҕотун өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтэ уйунуо. Холобур, бу күннэргэ бастакы рейстар Эбээн-Бытантай улууһугар оҥоһулуннулар», — диэтэ вице-премьер.