Саха сирин 301 библиотекатыгар 5555 киһи «Олоҥхо диктанын» суруйда. Кинилэртэн тыһыынчаттан тахса киһи туйгун сыанабылы ылла.
Быйыл «Олоҥхо диктана» аан бастакытын икки тылынан ыытылынна. Саха сирин национальнай библиотекатыгар сэтинньи 26 күнүгэр диктаны 70- ча киһи суруйда. Сахалыы диктаны ХИФУ олоҥхону чинчийэр секторын научнай үлэһитэ Марианна Сатанар аахта, Владимир Державин тылбааһыгар нуучча тылыгар быһа тардыыны тыл үөрэхтээһинин уонна риторикатын кафедратын доцена Татьяна Бердникова иилээн-саҕалаан ыытта.
Акцияҕа Калининградка олорор саха дьоно кытыннылар. «Олоҥхо диктана» «аан бастаан 2019 с. ыытыллыбыта, онно өрөспүүбүлүкэ 28 оройуонуттан уонна Дьокуускайтан 9 тыһыынчаттан тахса киһи кыттыбыта.