«Бүлүү» суола сабылларын баттаһа, ааспыт нэдиэлэҕэ Кэмпэндээйигэ бара сылдьан, туус собуотугар, санаторийга, оскуолаҕа уонна да атын тэрилтэлэргэ сырыттым.
Хоҥуру цеолита киэҥ туһаныыга таҕыста
Кэмпэндээйиттэн 20-чэ килэмиэтирдээх сиргэ баар Хоҥуру хайатыгар күөх дьүһүннээх таас баара ааспыт үйэ саҥатыгар биллибитэ. «Цеолит туһалааҕа биллэн, олохтоохтор тааһы мэлийэн сүөһү аһылыгар, ууну ыраастыырга тутталлара», – диэн олохтоох краеведческай музейы төрүттээбит Ксения Евсеева кэпсиир. Кэлин бу минерал сииктээх оту кэбиһэргэ, сыты суох оҥорорго, оннооҕор мэдиссиинэҕэ туһанар буолбуттар. Цеолиты хостоон, бытарытан туһаҕа таһаарарыы 1989 сылтан биирдэ саҕаламмыт. Оччотооҕу кэмҥэ оройуоннааҕы сэбиэт бэрэссэдээтэлинэн үлэлии олорбут Владимир Членов көҕүлээһининэн, «Сунтаарцеолит» диэн тэрилтэ тэриллибит. Билигин «Сунтаарцеолит» хааччахтаммыт эппиэтинэстээх тэрилтэҕэ кубулуйан, улуус биир тигинэччи үлэлии олорор бырамыысылыннай хампаанньатыгар кубулуйда. 2011 сылтан саҕалаан «АЛРОСА» АХ кытары ыкса үлэлэһэн, сыллата цеолиты атыылаһыыга кээмэйдэрэ улаатан иһэр. Ол курдук «АЛРОСА»-лар туттуллубут ууларын ыраастыырга анаан сылга 35 тыһ. тонна цеолиты ылаллар.
«Бадарааннаах» курорт
Кэмпэндээйилэр баһыйар үгүстэрэ үлэнэн хааччыллан олороллор. Ол курдук Г.Е. Чолбодуков аатынан санаторий-профилакторийга («АЛРОСА» «оҕото» диэххэ сөп. Хампаанньа иһинэн киирэр тэрилтэ) 50-ча киһи үлэлиир. Санаторий 38 миэстэлээх. Урукку өттүгэр «АЛРОСА» үлэһиттэрэ эрэ сынньанар, доруобуйаларын көннөрүнэр буоллахтарына, билигин ким баҕарар кэлиэн сөп. Cынньалаҥ бу көрүҥэ сыаната удамырынан, суоллааҕы ороскуота кыратынан уонна аҕыйах хонукка түбүктээх үлэни умна түһэргэ табыгастааҕын Мирнэйтэн кэлэ сылдьар Виктор Конев уонна Григорий Копылов диэн санааларын үллэстэллэр. Холобур, курорт биир күннээҕи сыаната 2070 солк. быһыллыбыт. Манна хонуу, эмтэнии, аһылык киирэ сылдьар. Таһыттан сылдьан эмиэ эмтэниэххэ сөп. Ол быдан чэпчэки. 625 солк. тэҥнэһэр. Сылга ортотунан 500-тэн тахса киһи сынньанар эбит.
2000 тонна тууһу хостууллар
Туус собуота 10-тан тахса бастайааннай үлэһиттээҕин таһынан, сайыҥҥы өттүгэр тууһу таһаарыыга дуогабар быһыытынан 40-ча киһи быстах кэмҥэ үлэнэн хааччыллар. «Сааһыары туус сөҥмүтүнэн барар. Ону бэс ыйыгар таачыканан үөһээ таһааран куулга кутабыт. Сылга ортотунан 2 тыһ. тонна тууһу хостуубут», – диэн собуот маастара Геннадий Сымытов кэпсиир. Айылҕа бэйэтин күүһүнэн оҥоһуллар тууһун маннык судургутук ылыы Кэмпэндээйигэ эрэ баарын тоһоҕолоон бэлиэтиэххэ наада.
Кэлиҥҥи сылларга туустарын батарыыга ыарахаттары көрсүбүттэр эрээри, бастайааннай килийиэннэрдээхтэр, ол иһигэр Дьокуускайдааҕы ТЭЦ, Мохсоҕолооҕу циэмэнтэ собуота, «Сахабулт» концерн. Билигин аны улууска үлэлээн эрэр нефтяниктары, газовиктары кытары сибээс олохтообуттар.
Былырыын Кэмпэндээйигэ туус хостуур собуот тэриллибитэ 375 сылын бэлиэтээбиттэр. Онон баай, дириҥ силистээх-мутуктаах тэрилтэ. Бу туһунан биһиги хаһыаппытыгар сиһилии сырдатыахпыт.
Суоллара региональнай таһымнаах
Кэмпэндээйи улуус кииниттэн 55 килэмиэтир тэйиччи сытар. Ол эрээри суоллара өрөспүүбүлүкэтээҕи суолталаныаҕыттан түргэн сырыылаах уонна үчүгэй массыыналаах дьон чаас аҥарынан Сунтаары булаллар. «Суолбутунан ыарахан уйуктаах массыыналар сылдьаллар. Цеолиты, тууһу таһаллар. Айан-сырыы тохтообот. Онон уонча сылы быһа туруорсан, суолбут региональнай суолталанна. «Сунтаарцеолит» ХЭТ көрөр-истэр, харайар», – диэн нэһилиэк баһылыгын солбуйааччы Розалия Тихонова этэр.
Быйыл өрөспүүбүлүкэҕэ нэһилиэнньэлээх пууннары тупсарыы сыла биллэриллэн, СӨ Олорор дьиэ, коммунальнай хаһаайыстыбатын уонна энергетика министиэристибэтэ нэһилиэнньэлээх пууннары тупсарыы дьаһалларын толорууга куонкурус ыыппытын түмүгэр, кэмпэндээйилэр 4,5 мөл. солк. кээмэйдээх субсидияҕа тиксибиттэр. Сунтаар улууһуттан субсидияҕа 9 нэһилиэк, ол иһигэр Сиэйэ, Түбэй, Күүкэй, Кэмпэндээйи, Күндэйэ, Элгээйи, Бордоҥ, Аллыҥа, Дьаархан тиксибит.
Субсидия харчытынан нэһилиэк иһинээҕи суолларын оҥотторбуттар. Эмиэ «Сунтаарцеолит» ХЭТ аукциоҥҥа хотон, сайыны быһа суолларын саҥардан оҥорбут.