22 Сэтинньи 22.11
  • -28°
  • $ 100,68
  • 106,08

Тутууга уонна дьиэни-уоту кэтээhиҥҥэ судаарыстыбаннай Управление үлэһиттэрэ "Пааматынньыктары харыстыаҕыҥ" бырайыакка кытыннылар

18:07, 21 августа 2020
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Саха Өрөспүүбүлүкэтин тутууга уонна дьиэни-уоту кэтээhиҥҥэ судаарыстыбаннай Управление үлэһиттэрэ Хаҥалас улууһун Ой нэһилиэгэр региональнай суолталаах пааматынньыгы саҥартылар.


Управление үлэһиттэрэ тус харчыларынан «Сэбиэт былааһын иһин 1922 сыллаахха охтубут дьоҥҥо аналлаах пааматынньык» былаһааккатын таас билиитэлэринэн уурдулар, олоҕун уонна таһын саҥардан, кырааскалаан, Сэбиэт былааһын иһин охсуһууга кыттыбыт дьон аатын, устуоруйатынн кэрэһэлиир суруктаах лииһи саҥаттан сакаастаан ыйаатылар.

«Былырыын Ил Дархан Айсен Николаев ыҥырыытынан биллэриллибит «Пааматынньыктары харыстыаҕыҥ» бырайыак Саха АССР 100 сыллаах үбүлүөйүгэр ананан, эһиилгэ диэри барар. Норуот аахсыйатыгар ким баҕалаах кыттыан сөп. Биһиги өрөспүүбүлүкэ олохтоохторун, үлэ кэлэктииптэрин, уопсастыбаннай тэрилтэлэри историческай бырайыакка көхтөөх кыттыыны ылалларыгар, Саха сирин култууратын уонна историятын кэрэһэлиир пааматынньыктары сөргүтэллэригэр ыҥырабыт«, — диир СӨ тутууга уонна дьиэни-уоту кэтээhиҥҥэ судаарыстыбаннай Управление салайааччытын солбуйааччы Влад Пермяков.

«Пааматынньыктары харыстыаҕыҥ» бырайыагы култуурунай эбийиэктэри харыстыыр Департамент сүрүннүүр. Бырайыакка кыттыан баҕалаах дьон эбии информацияны Департаментан ылыахтарын сөп.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА