Кэтэх дьиэни тутуу сыаната быйыл саас төһө буолуой? Былырыын 1 кв. м 4000 солк. сыаналанара. Быйылгы сыана итинтэн халбаҥныа суоҕа диэн ити салааны билээччилэр тойоннууллар. Төттөрүтүн, өссө итинтэн түһүөн сөп дииллэр. Тоҕо диэтэххэ, биригээдэлэр кэтэх дьиэ тутуутун суруга суох туспа аукциоҥҥа кубулуттулар. Элбэх дьиэни тутар сыалтан сыананы түһэрэллэр. Холобур, 8 x 10 иэннээх дьиэ (ол аата 80 кв. м) билиҥҥи сыананан 320 тыһ. солк. Ону биригээдэлэр 300 эбэтэр 270 тыһ. солк. тутабыт диэн сыана быһаллар. Онон сыана үрдүөн оннугар түһэн хаалар.
Хампаанньаҕа туттарар төһө барыстааҕый?
Кэтэх дьиэни улахан хампаанньалар эмиэ туталлар. Саамай сүрүнэ, дьиэни «под ключ» туттарарга төлөбүрүн уһаппакка-кэҥэппэккэ кэмигэр оҥоруохха эрэ наада. Манна сыананы быһыы эмиэ иһэ-истээх. Дьиэни тутуу төлөбүрүгэр матырыйаалы ылыы (буруус, хаптаһын, былаахы, о.д.а.), үлэһиттэр хамнастара уонна хампаанньа барыһа киирэллэр. Ол аата дьиэни туттарааччы харчытын үс суолга төлүүр курдук буолан тахсар. Хампаанньа наймыласпыт үлэһиттэригэр күҥҥэ, ортотунан, 800-1000 солк. төлүүр. Төһө кыалларынан, харчыны бэйэлэригэр хаалларан, барыс ыла сатыыр дьүккүөрдээхтэр. Үчүгэйэ диэн, хампаанньа хайаан да дьиэни болдьоҕор тутан үлэҕэ киллэрэр. Киллэрбэт түгэнигэр, дуогабар быһыытынан атын кэпсэтии буолуон сөп.
Оттон биригээдэлэргэ туттарар буоллахха, төлөбүрэ судургу. Кинилэр матырыйааллара буоллаҕына, ол сыанатын сэргэ үлэ төлөбүрэ эрэ ааҕыллар. Бэйэҥ матырыйаалыҥ буоллаҕына, өссө судургутуйар – хамнас эрэ төлүүгүн. Онон матырыйаалы киһи бэйэтэ атыылаһара быдан барыстаах.
Ол гынан баран, манна биир «ноолоох». Биригээдэҕэ араас дьон баар буолааччы. Ыһыах кэмигэр Дыгын күрэхтэһиитин көрө бардыбыт диэн баран, хас да хонукка ууга тааһы бырахпыт курдук сүтэн хаалыахтарын сөп. Итинтэн сылтаан кыыһырсан, салгыы атырдьах маһыныы арахсыахха сөп. Оччотугар хаттаан биригээдэ көрдүөххэ наада. Ити, биллэн турар, бириэмэни ылар, уонна, саамай сүрүнэ, ньиэрбэ баранар.
Дьиҥэр, үчүгэй, бэрээдэктээх биригээдэҕэ туттарар быдан барыстаах. Ол иһин, наймылаһыах иннинэ биригээдэ үлэһиттэрэ хайдахтарын дьонтон ыйыталаһан билэ сатаныллыахтаах. Эрдэ туппут дьиэлэригэр тиийэн, хаһаайыттартан да ыйыттахха, баа буолуо суоҕа.
Эксперт санаата:
Олохтоох биригээдэ хаачыстыбалаахтык тутар
Петр Слепцов, тутуу биригээдэтин салайааччы:
– Дьокуускай куоракка кэтэх дьиэни тутуунан 2007 сылтан дьарыктанабыт. Балачча элбэх дьиэни туттубут.
Былырыыҥҥы сыана уларыйыа суоҕа. Төттөрүтүн түһүөҕэ. Тоҕо диэтэххэ, элбэх биригээдэ баар буолан, үлэ ылар инниттэн үгүспүт сыананы түһэрэр. Кэлиҥҥи кэмҥэ омуктар элбээтилэр. Ол курдук, мас тутууга армяннар, таджиктар, буряттар сыстан эрэллэр. Аны сотору кытайдар ылсаллара буолуо. Онон чааһынай дьиэҕитин олохтоох биригээдэҕэ туттараргыт буоллар диэн сүбэлиибин. Саха дьоно маска сыстаҕас буолан, быдан хаачыстыбалаахтык, үчүгэйдик тутабыт.