Мантан саас тутууга үлэ күөстүү оргуйуохтаах этэ. Билигин да үлэ бара турар, барбат диир сыыһа. Ол гынан баран, коронавирус дьаҥыттан сылтаан тастан үлэһит илии киириитэ тохтоон, тутууга оробуочай тиийбэт кыһалҕата үөскээтэ. Манна СӨ бырабыыталыстыбата сөптөөх болҕомтону ууран, өрөспүүбүлүкэҕэ орто анал идэҕэ үөрэтэр техникумнар, колледжтар баҕалаах дьону тутуу араас идэтигэр үөрэтэн саҕалаатылар.
Бу күннэргэ үөскээбит кыһалҕаны быһаарар инниттэн «Саха сирин тутааччыларын сойууһун» бэйэни салайынар тэрилтэтин көҕүлээһининэн, Дьокуускайдааҕы коммунальнай-тутуу техникумун базатыгар тутуу идэлэригэр үөрэтэр кластер аһылынна. Кластерга тутуу идэлэрин үөрэтэр анал бырагыраамалары оҥоруохтара, идэ таһымыгар (квалификация) сэртипикээттэри биэриэхтэрэ. Саамай сүрүнэ, ким баҕалаах тутуу идэтигэр түөрүйэни үөрэтэн баран, тутар хампаанньалар былаһааккаларыгар быраактыканы ааһыахтара. Дьокуускайдааҕы коммунальнай-тутуу техникума коронавирус дьаҥа турбутунан сибээстээн, кылгас куурустары ыраахтан үөрэтэргэ (дистанционное обучение) бары усулуобуйаны тэрийэн, үөрэтиини саҕалаан эрэр. Ол курдук, кластерга баар тутуу тэрилтэлэрэ биир ый устата баҕалаах дьону үлэ бара турар сириттэн интэриниэт ресурсаларын көмөтүнэн үөрэтиэхтэрэ. Куурус бүттэҕинэ, эксээмэни эмиэ тутуу бара турар былаһааккатыттан тутуохтара.
Бу туһунан «Саха сирин тутааччыларын сойууһун» бэйэни салайынар тэрилтэтин салайааччы Айхал Габышевтан ыйыппыппытыгар: “Бу күннэргэ олохтоох дьону тутуу идэлэригэр үөрэтиигэ бииргэ үлэлииргэ Сөбүлэһиигэ «Адгезия» ХЭУо илии баттаһан, кластер үлэни саҕалаан эрэр. Коронавирус дьаҥа тарҕанан, Ил Дархан Айсен Николаев Саха сирин экэниэмикэтин туруктаахтык сайыннарыыга туһаайыллыбыт дьаһалларыгар олоҕуран, Дьокуускайдааҕы коммунальнай-тутуу техникумун базатыгар тутуу эйгэтигэр профессиональнай-үөрэх кластерын тэрийдибит.
Тутуу тэрилтэлэрэ биир ый иһигэр оробуочай идэлээх дьону саҥа технологиялар көмөлөрүнэн үөрэтиэхтэрэ. Кластер өссө кэҥээн иһиэҕэ», — диэн иһитиннэрдэ.
Хамнас чааһынан ааҕыллыахтаах
Михаил Охлопков, «Адгезия» ХЭУо генеральнай дириэктэрэ:
— Техникуму кытта дуогабар түһэрсэн, үлэлээн эрэбит. Аныгы технология көмөтүнэн биһиги исписэлиистэрбит ыраахтан олорон эрэ үөрэтиэхтэрэ. Куурус уһуна биир ый. Уопсайынан этэр буоллахха, тутуу идэтин үөрэтиигэ улахан болҕомтону уурар уолдьаста. Анал идэтэ суох киһи тутуу ырыынагар сүүйтэрэр кэмэ кэллэ. Ити боппуруоһу быһаарар инниттэн судаарыстыба уонна тутар хампаанньалар бииргэ үлэлиэхтэрин наада. Тутууга хамнаһы ааҕыыга болҕомто эмиэ ууруллара буоллар. Холобур, үлэ толоруллубут кээмэйинэн буолбакка, хамнас чааһынан төлөнөрүн киллэриэххэ баара. Ол гынан баран, чааһынан төлөбүргэ үлэһит таһыма, уопута (квалификацията) учуоттаныллыахтаах. Ол аата оробуочай квалификацията үрдээтэҕин аайы хамнаһа онно эппиэттиир буолуохтаах. Маны ситиһэрбит буоллар, тутууга олохтоох дьон ылсан үлэлиэх этилэр. Оччоҕуна эрэ атын сиртэн тастан киирии бэрээдэктэниэҕэ. Тутар хампаанньалар бастакы уочарат олохтоох дьону үлэҕэ ыла сатыахтаахтар. Үлэһит илии тиийбэҕинэ эрэ, атын сиртэн ылыахтарын сөп. Манна кытаанах ирдэбил баар буолуон наада.
Источник: http://www.sakhaparliament.ru/sa/ekeniemike/tutuu/742-tutuu-idetiger-reter-klaster-a-ylynna