Күн-дьыл билгэһитэ Тускул бу ый 20 чыыһылатыттан өрөспүүбүлүкэ улуустарыгар күүстээх ириэрии саҕаланарын билгэлээбитэ.
«Ол курдук, Амур уобалаһыттан, Кытайтан иһэр күүстээх итии фронт Саха сирин соҕуруу өттүттэн кэлэн, өрөспүүбүлүкэ үгүс улуустарыгар эмискэ сылыйыаҕа. Киин куоракка +11 кыраадыстан +13 кыраадыска тиийэ сылыйыаҕа. Бүлүү умнаһын улуустарыгар ардах түһүөҕэ», — диэн бэлиэтиир Тускул. Онон аны ардах сезона саҕаланна!
«Хоту да улуустар лаппа сылыйыахтара, бу эҥээр улаханнык халаанныыр куттал баар. Ол курдук, үрэхтэри быһан кэбиһэн, булчуттар, балыксыттар хаайтарыахтарын сөп. Онон булт абылаҥар ылларар дьон, бу күннэргэ сэрэхтээх буолуҥ! Ыраах сирдэргэ айаннаамаҥ, ууга хаайтарыаххытын сөп. Кураанах курдук эрээри, балысхан уу эмискэ кэлиэҕэ.
Ыам ыйа ардаҕынан «баай» буолуо. Онон хаар эмискэ барыан сөп. Кус-хаас кэлиитэ ону батыһан, быйыл эрдэлиэҕэ. Быйыл өрүстэр да, үрэхтэр да муустара чараас. Онон Өлүөнэ Эбэни туорааһын олус кутталлаах. «Урут баччаларга туоруур этибит», — дии-дии туорааччы үгүс. Муус Дьокуускай аннынан 20-чэ см чараас, онон сэрэхтээх буолуохха наада. Хаар эмискэ ирэн, суоллары быһыан сөп. Онон көлөнөн айанныыр дьон бараргытын-кэлэргитин биллэрэ сылдьыҥ», — диэн салгыы сэрэтэр Тускул.
Саха сирин өрүстэригэр муус халыҥын туһунан иһитиннэрии
Өрүстэр | Муус халыҥа
|
|||
Сирэ | Халыҥа | Нуорматыттан чараас | Нуорматыттан халыҥ | |
Өлүөнэ | Ленскэй | 114 см | 4 см | |
Дьокуускай | 110 см | 12 см | ||
Халыма | Орто Халыма | 74 см | 34 см | |
Алдан | Томмот к. | 108 см | 28 см | |
Кириэс-Халдьаайы | 151 см | 13 см | ||
Өлүөнэ, Бүлүү, Дьааҥы, Индигиир, Халыма | Бары өрүстэргэ урукку сыллардааҕар муус 4-38 см. чараас |