29 Муус устар 29.04
  • -2°
  • $ 91,78
  • 98,03

Чурапчыттан норуот синоптига Тускул, хаһыстан куйаас, этиҥнээх ардах түһэрин билгэлээтэ

12:03, 13 июня 2023
Фото: СИА
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Сайыммыт бастакы дэкээдэтэ ааста даҕаны, куйаас түһэ илик, күүстээх тымныы тыал салгыны чэбдигирдэр, онон чараас таҥаһынан сылдьар эрдэ курдук. Тарас Тарасов-Тускул Сахабыт Сирин улуустарыгар хаһааҥҥыттан куйаас, хаһыстан этиҥнээх түһэрин билгэлээтэ.

Киин улуустарга:

Бэс ыйыгар үгүс киин улуустарга, былырыыҥҥыга тэҥнээтэххэ, балай да эрдэ сылыйан, буһарык куйаас саҕаланыаҕа. I дэкээдэҕэ син ардахтаах, онтон атын дэкээдэлэргэ кураанах, ол оннугар этиҥнээх ардах түһүө.

Бу ый I дэкээдэтигэр күнүһүн +21С+23С, түүнүн +8С +10С.

II дэкээдэҕэ күнүс +22С+25С, түүн +16С+18С.

III дэкээдэҕэ күнүһүн +23С +28С, түүн +16С +18С буолара күүтүллэр.

Бу ыйга түүнүн +15 С+ 17 С диэри сылыйан, от-мас, сир аһа үүнэригэр үчүгэй буолууһу.

Бүлүү бөлөх улуустарыгар:

Бүлүү эҥэр улуустарыгар киин улуустары кытары тэҥнээтэххэ балай эмэ итийэрэ күүтүллэр, түүн биллэ сылыйыыһы. I дэкээдэҕэ ардахтаах, онтон атын кэмнэргэ самыыр кыралаан таммалыа.

Бу ый I дэкээдэтигэр күнүһүн +20С+22С, түүнүн +7 С+10С.

II дэкээдэҕэ күнүс +21С +24С, түүнүн +12С +16С.

III дэкээдэҕэ күнүһүн+23С+25С, түүнүн +16С+18С.

Соҕуруу улуустарга:

Соҕуруулуу-арҕаа улуустарга I дэкээдэҕэ ардахтаах буолууһу, онтон атын кэмнэргэ кыралаан түһүөҕэ. Салгын температурата былырыыҥҥы куйааска тиийиэ суоҕа.

Бу ый I дэкээдэтигэр күнүс +21С+ 23С, түүн +8С +11С.

II дэкээдэҕэ күнүс +22С+25С, түүн +13С+17С.

III дэкээдэҕэ күнүс+23С+25С, түүн +16С+18С.

Өймөкөөҥҥө:

Өймөкөөн улууһугар бэс ыйа балай эмэ сылыйар. Бастакы да, бүтэһик да дэкээдэҕэ ардаҕа олох кэмчи буолууһу.

Бу ый I дэкээдэтигэр күнүс +19С+21С, түүн +5С+8С.

II дэкээдэҕэ күнүс +18 +21С, түүн +10С+13С.

III дэкээдэҕэ күнүс +20С+23С, түүн +11С+14С.

Үөһээ Дьааҥыга:

Үөһээ Дьааҥы улууһугар былырыыҥҥыны кытары тэҥнээтэххэ сөрүүн сайын буолара күүтүллэр. I уонна II дэкээдэлэргэ этиҥнээх ардах, онтон салгыы көннөрү самыыр түһүөҕэ.

Бу ый I дэкээдэтигэр күнүс +18С-+21С, түүн +5С+8С.

II дэкээдэҕэ күнүс +18С+21С, түүн +12С+16С.

III дэкээдэҕэ күнүс +20С+23С, түүн +12С+15С.

Абый, Муома, Халыма улуустарыгар:

Халыма-Индигиир эҥэр улуустарыгар былырыыҥҥы куйаастарыгар ханан даҕаны тиийиэ суоҕа, орто сылаас күннэр туруохтара. Бэс ыйын II – III дэкээдэлэригэр балай да ардахтыыһы.

Бу ый I дэкээдэтигэр күнүс +20С+22С, түүн +6С+9С.

II дэкээдэҕэ күнүс +20С+22С, түүн +15С+18С.

III дэкээдэҕэ күнүс +20 С+23С, түүн +10С+13С.

Анаабыр, Өлөөн, Булуҥ улуустарыгар:

Аартыка эҥэр улуустарыгар урукку сыллары кытары холоотоххо, сайыннарын саҕаланыытыгар балай эмэ сылыйыыһык. Бастакы-иккис дэкээдэлэргэ сөҥүү түһэрэ күүтүллэр, үһүс дэкээдэҕэ кураан күннэр туруохтара.

Бу ый I дэкээдэтигэр күнүс +2С+6С, түүн +2С+4С.

II дэкээдэҕэ түүҥҥү өттүгэр сөрүүн түһүөҕэ. Күнүһүн +4С+8С, түүнүн +2С+ 4С.

III дэкээдэҕэ күнүс +9С+11С, түүн +3С+3С.

Дэкээдэ диэн ый 10 хонуга ааҕыллар:

I дэкээдэ— ый 1-10 күннэрэ;

II дэкээдэ— ый 10-20 күннэрэ;

III дэкээдэ— ый 20-30 күннэрэ.

Бэлэмнээтэ Сэмэн Жендринскэй «Саҥа олох»

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА