Ил Дархан Айсен Николаев бэлиэтээбитинэн, Саха сиригэр сэлии хайысхатын тэрийии регионнааҕы уонна федеральнайдааҕы бюджекка биллэр дохуоту киллэриэн сөп. Ол туһунан кини РНА президиэнэ кыттыылаах «Россия сегодня» былаһааккаҕа кэпсээтэ, суруйар СИА.
«Аныгы технологиялары сайыннарыы, саҥа научнай арыйыылар сэлиилэри хат оҥорон таһаарыыга туһаайаллар. Саха сирин туундаратынан күүлэйдии сылдьар сэлиилэр баар буолалларыгар эрэллээхпин. Бүгүн сэлии сыаннаһын кыаҕа улахан. Онон, сэлии историятын өрөспүүбүлүкэ туризмын кытта дьүөрэлиир баҕа баарын этиэххэ наада», — диэтэ Айсен Николаев. Ил Дархан, ити эрээри, бу хайысхаҕа чуолкай нуорма-быраап соруга ирдэнэрин эттэ.
Саха сиригэр аан дойду таһымыгар суоттаатахха, сэлии муоһун 80 — 90% бултууллар. Билигин, баһалык эппитинэн, сэлии култуурунай сыаннас быһыытынан билиниллэр, ити эрээри улахан дохуоту киллэрэр бизнес буолар кыахтаах. «Хомойуох иһин, биһиги билигин «сиэрэй» бизнес туһунан этэбит. Госдума таһымыгар бэрээдэктээн биэрии тиийбэт. Быйыл сокуон барыла оҥоһуллан, көрүүгэ киллэрилиннэ. Биллэн турар, утарылаһыы баар, ити эрээри барыта быһыырыллыа дии саныыбын», — диэтэ Николаев.
Айсен Николаев инникитин регион сэлиини үөрэтиигэ уонна киэҥник биллэриигэ, муоһун-уҥуоҕун бултааһыҥҥа уонна бородууксуйа гынан батарыыга туспа хайысханы тэрийэр былааннааҕын эттэ. Оччоҕуна Саха сирин бюджетыгар эрэ буолбакка, Россияҕа эмиэ улахан нолуок киириэн сөп. Маны сэргэ өссө биир боппуруос быһаарыллар — өрөспүүбүлүкэ олохтоохторун дьарыктаах буолуулара, дохуот киллэринэн, олохторун хаачыстыбатын тупсарыылара.
«Сэлии былыргы символтан аныгы наука символыгар кубулуйуон сөп. Бу интэриэһинэй. Ол аата туризм бренда эрэ буолбакка, наука бренда эмиэ буолар кыахтаах», — диэтэ РНА президиэнэ Александр Сергеев.