22 Сэтинньи 22.11
  • -31°
  • $ 100,68
  • 106,08

Тупсарыныы сыла: Үгүлээккэ ийэ скверэ уонна да атын тутулунна

11:11, 17 октября 2016
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

2016 сыл — Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Тупсарыныы сыла биллэриллибитэ. Тыа сирин нэһилиэктэригэр ботуччу үп тыырыллан, күргүөмнээх үлэ ыытылынна. Ол иһигэр Үгүлээккэ эмиэ элбэх саҥа сүүрээн киирдэ.


Бүлүү улууһун Үгүлээт нэһилиэгэ СӨ олох-дьаһах уонна энергетикэ министиэристибэтэ ыыппыт куонкурсугар кыттан, кыайан, 4,5 мөл.солк. граны ылары ситиспитэ. «Үбү-харчыны нэһилиэги тупсарыыга араас тутууларга ыыттыбыт. Ыһыахтыыр сирбитин, сынньалаҥ пааркатын тупсардыбыт. Нэһилиэк иһинээҕи суолун оҥордубут, оҕо спортивнай былаһааккатын туттубут. Ийэҕэ аналлаах сквер баар буолла, онтубут фонтаннаах. Эһиилги былааммыт «Үтүө дьыала» хамсааһынын нөҥүө оҕо саадын тутуу«, — диэтэ Үгүлээт нэһилиэгин баһылыга Октябрь Лукин. Баһылык иһитиннэрбитинэн, маны сэргэ олохтоох бюджеттан муоста, гараж тутуллубут.

Элбэх үлэтэ суох киһи үлэнэн хаччыланна. Ол иһин олохтоохтор бырабыыталыстыба ыытар үлэтин биһирээтилэр.

Үгүлээт нэһилиэгэ улуус кииниттэн 20 көс тэйиччи сытар. Сайынын суол өрүһүнэн эрэ баар буолар. Быйыл угут дьыл буолан, тутуу матырыйаалын таһыыга элбэх күчүмэҕэйдэри көрүстүлэр да буоллар, былааннаммыт үлэ барыта силигин ситтэ.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА