Алтынньы 27 күнүгэр күүстээх туман түһэн сарсыарда Дьокуускайтан Аллараа Бэстээххэ диэри паромнар үс буолан караванынан бардылар. ООО УК «Паромы Якутии» салайааччыта Николай Ефимов СИА-ҕа иһитиннэрбитинэн, билигин өрүскэ биэрэктэн турунар уустук, онон Аллараа Бэстээх рейстэрэ Дьокуускайтан паромнар анараа биэрэккэ тиийбиттэрин эрэ кэннэ кэлиэхтэрэ.
«Сарсыарда хойуу туман турбута. Бу кэмҥэ паромнар кыайан биэрэктэн тахсыбатылар, онон үс суудуна караван кэриэтэ айаннаата. Билигин паромнар анараа биэрэккэ тиийдэхтэринэ эрэ, Аллараа Бэстээхтэн паромнар айанныахтара», — диэтэ Николай Ефимов.
Кини өрүск муус турар кэмигэр паром сырыытыгар кыараҕас миэстэ хааларын бэлиэтээтэ.