Бэҕэһээ киэһэ илин эҥэр улуустарга дьүкээбил көһүннэ. Олохтоохтор кэрэ көстүүнү хаартыскаҕа түһэрдилэр.
Томпо улууһугар таһаарыылаах үлэлээҕинэн биллэр пиэрмэр Светлана Охлопкова дойдутугар Тулунаҕа кэлэ сылдьар. Кини төрөөбүт-үөскээбит дэриэбинэтигэр күүлэйдии, сынньана кэлбитин кэпсиир. «Наһаа үчүгэй айылҕа көстүүтэ, дойдум ахтылҕанын таһаара сылдьабын. Кыыһым дьүөгэтэ Настя Шепелева хаартысканы ыыппыта. Бэйэм тахсан эмиэ түһэрбитим, бастаан тохтообут курдуга, онтон түүн эмиэ тыаһыыр, кыралаан оонньуур этэ», — диир.