От ыйын 24 күнүттэн Дьокуускайга «Туймаада» стадион хапытаанай өрөмүөҥҥэ сабылынна. Бу туһунан иһитиннэрии спортивнай эбийиэк телеграм-ханаалыгар таҕыста.
Стадион үлэтин хаһан сөргүтэрэ чуолкайдаммат.
Санатан эттэххэ, Дьокуускайга быйыл сайын «Азия оҕолоро»норуоттар икки ардыларынааҕы спортивнай оонньууларга бэлэмнэнии саҕаламмыта. Өрөмүөн үлэтин үксүн быйыл бүтэрэр былааннаахтар, ол иһигэр «Туймаада» уонна «Юность» стадионнарга хонуутун уонна сүүрэр суолларын уларытыахтара. Ону таһынан спортивнай эбийиэктэр тастарыгар баар тохтобуллары уонна парковкалары тупсарыахтара.
Эрдэ Дьокуускайга балаҕан ыйын 1 күнүгэр диэри футболга аналлаах искусственнай хонуу бүрүөһүнүн уларытаары «Дохсун» спортивнай комплекс үлэтин тохтоппута.
Санатан эттэххэ, Саха сиригэр «Азия оҕолоро» оонньууларга спорт эбийиэктэрин өрөмүөннээһиҥҥэ барыта 1 млрд солк. тахса үп көрүллүөҕэ.