Ил Дархан Айсен Николаев агропромышленнай комплекс тэрилтэлэрин үп-хаһаайыстыбаннай үлэлэрин 2023 сыллааҕы түмүктэрин уонна 2024 сылга былааннарын билистэ.
Ол түмүгүнэн сайдыыларыгар соруктары биэрдэ, регион салалтатын пресс-сулууспата суруйда.
Комплекс генеральнай директора Петр Ефремов эппитинэн, ааспыт сылга «Туймаада» агропромышленнай комплекс субъектарыгар иэс биэрбит сууматын кээмэйэ уопсайа 1 млрд 199 мөл солк, ол иһигэр 622 мөл солк агропромышленнай комплексы өйүүр пуонда суотуттан оҥоһуллар.
Отчуоттуур период түмүгүнэн «Туймаада» агрохолдинг киллэриитэ, ааспыт сылы кытта тэҥнээтэххэ, 20 мөл солк улаатта, ол эбэтэр 1,5 млрд солк буолла. 2024 сыллааҕы былаан кээмэйэ 1 млрд 592 мөл солк, улаатыыта 8%.
«Бөртө» сылгы собуота, «Туймаада» экоферма, «Кладовая Олекмы», «Победа», «Хатас сибиинньэ комплекса», «Сайсары», «Новай» сопхуос сүрүн көрдөрүүлэрэ этилиннэ.
Айсен Николаев холдинг сайдыытын уопсай былаанын оҥорорго сорудахтаата, ол иһигэр Нерюнгри көтөр фабриката, сүөһү иитэр комплекстар техническай баазаларын саҥардыы, Хатас сибиинньэ комплексын эбийиэктэрин реконструкциялааһын уонна саҥа корпустары тутуу боппуруостара киириэхтээхтэр.
«Туймаада» тыа хаһаайыстыбатын холдина тыа хаһаайыстыбатын салаатыгар уонна агропромышленнай комплекска судаарыстыбаннай бэлиитикэни олоххо киллэриигэ үлэлиир.